Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

дьарыйар саҥатын истибит. Иһиллээн истибитэ, ийэ эһэ оҕотугар кэ- риэһин этэр эбит: — Улуу булчут Эҥкээбил хотун биһиги алаһабыт үрдүгэр хоно сытар. Онон өлөр-сутэр бүтэһик күнүм үүннэ. Унуоҕа үүттээх, этэ саастаах, аһынар сүрэхтээх буоллаҕына, кыра диэн мыынан эйигин ордоруо. Баҕар, иҥсэ мэнэгэйдээх да — дьаһайыа. Ааттаһан-көрдөһөн көрөөр. Ону ылыммакка өлөрөөрү гыннаҕына, кыраар. Кырыыс сэт- тээх-сэмэлээх, хаан аргыстаах буолааччы дииллэр. Эҥкээбил эрдэ уһуктубут. Эрдэ уһуктан арҕах аанын бүөлүү ту­ ран баран: — Тахсан кулу, сыптарыҥ эмэһэ! Аҥнан-бохтон сытыма! — диир. Тыһы эһэ тэҥҥэһиэ дуо? — таххан кэлэр. Таххан кэлбитин өргөс- төөх үнүүтүнэн үөлэн кээһэр. — Өссө ким-туох баарый? Кэпсэтэр этигит, таххан кулу! — диир. Онуоха эһэ оҕото ытыы-ытыы көрдөһөр-ааттаһар: —Улуу хотуон, Эҥкээбил* эмэ<э>хсиэн, күн буол, ый буол! Хо- лум этэ хойуннаҕына, буутум этэ бустаҕына, сиһим этэ ситтэҕинэ, ханна гыныаҥый? Онуоха дылы тохтот, өлөрүмэ! — диир. — Ситимэх! Тыллаах-өстөөх ээ, көрдөһүүлээх ээ! Тахха тат! — диир. Эһэ оҕото тэҥнэһиэ дуо? — таххан иһэн: — Кыра диэн мыымматыҥ, аччыгы<й> диэн аһымматыҥ. Кы­ рыыс баһа хааннаах, сэттээх-сэмэлээх буолар. Көрдөһүүбүн ылымма- тыҥ, ааттаһыыбын аккаастаатыҥ. Кэнэҕэс эн даҕаны тайахтанан таҥхайар күҥнэр, үөдэҥҥин өҥөйөргөр, мин көрдөһүүбүн ылымма- таххын, бука, санаар, хойутаан баран хомойоор! Иитиэххиттэн иэс- тэстиннэр* төрүөххүттэн төлөттүннэр! Эһэ оҕотун үҥүүнэн үөлэн кээһэр. — Ити ситимэх тугун тылай, доҕоор! Хантан мин оҕолонуомуй? Уолуктааҕы умса сытыарбакка, түөстээххэ түҥнэстэн сыппакка сылдьаммын, хантан оҕолонуохпунуй? — диэн саарыыр. 3 Дьыллар-күннэр ааһан, сайынын самыырынан, кыһынын кырыа- тынан билэн, кырдьан тоҥхойон-таҥхайан барыытыгар, тоҕус уон сааһын туолуутугар хоҥкугур төбөлөөх, хоппоҕор силистээх, кума- лааннаах аарыма тиит анныгар кэлэн, өйөнөн утуйар.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2