Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

— Эн аһыы олороҥнун оҕолоргор этээр: «Ыал буолар курдук оҥостуҥ, тэрээһиҥҥитин тэринэр курдук дьылҕата оҥостуҥ, — диэн буолар», — диэбит эмээхсинэ. Аһыы олорон, үөрэлэрин сии олорон, дьэ оҕонньор: —Дьэ, тоҕойуом, Хонолдьуйа-а! Нокоо, түүл-бит да тардар уонна саас богдо да ситтэ. Ыал буоллаххына сатаныыһыккын, нохоо! — диир. — Дьэ, кырдьык, син сөп этэ да, миэхэ ким кэлэрэ биллибэт уон­ на чутас эргин кыыстаах ыал суох, — диир. Онтон били Ымалдьыйаҕа эмээхсин этэр: — Дьэ, тоойуом, киҥиҥ-наарыҥ холлон, титир-татыр хаамар тыас-уус элбээтэ, уҥа-хаҥас тилир-талыр гынар буоллуҥ, иһитиҥ-хо- муоһуҥ тыаһаары да гынна, — диир. — Тыый, хайдах оннугуй ол? — диир. — Дьэ, кэбис, онон кэргэннэннэххинэ сатанаҕын! — диир. —Дьэ аһаан бүтэн баран, ону быһаарыныахпыт, — диэн, оҕон- ньор чиҥ-чан: курдук аҕа киһи быһыытынан суос соҕус бэринэн оло­ рон. Аһаан-сиэн бүтэн баран: — Чэйиҥ эрэ, тахсыаҕыҥ эрэ таһырдьа! — диир. —Дьэ, оҕолоор! Арҕаа диэки хайыһаайаҕыт, хоту диэки көрөөйөҕүт. Илин уонна соҕуруу көрдөрөөрүҥ. Бу оҕу эһиги ытаҥныт, ытан кээспиккит, ханна тиийэн түһэриттэн, төһө дьол-туску көтө- ҕөрүттэн, дьэ бу түөрэххитин быраҕан, тускута-айхалла ылыахха наада. Айыы дархан аймаҕа хайдах өлөн-сүтэн биэриэҕэй? Тыыннаах устатыгар уйгу-быйаҥ ортотугар олорор курдук дьолло көрдөһүө- ҕүҥ! — диир. Дьэ сөп. Ол гынан баран ырыалаах буолан сытыйа олорбуг —Дьэ, алгыс диэн алҕаатахха сатанара буолуо итиннэ, — диир: 1 — Дьэ-һэ-һэ! Күн Айыы Тойон аҕакайбыт! Арҕаһыттан тэһииннээх, Кун айыы хаан оҕолорун 5 Алаһа дьиэлэрин тэрийээри Этэн-тыынан көрдөһөн Үҥэн-сүктэн эрэбит. Хоолдьуктаах баһым хонкуйан, Сүһүөхтээх бэйэм бокуйан, 10 Кырдьар сааспар, Эргэрэр үйэбэр Уоллаах кыыспын

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2