Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
көрбөтөх, этан бэйэлээх от хамсыы-хамсыы ү<ү>нэн кэлбит. Ол тах- сан кэлбитин одуулаан көрөн олорбут. Үрүөх үрэр болот быһаҕын сулбу тардан ылбыт. Ол ылан баран, силиһин да альдьаппакка, муту- гун да алдьаппакка* туура баһа<н> ылан, сонугар суулаан дьиэтин диэкки таҥкычах ойо турбут. Д<ь>иэтигэр килэрэн, суулаан- сУ<У>лаан оронун таһыгар эрийэн ууран кээспит. 3 Анаҕын хомуйа хат бэдьэк ойо турбут. Киирэн анахтарын хому- йан таҕыста. Биэс ынаҕын хомуйан тахсан, хатыйыы талах күрүөтүгэр уган кэбистэ. Күргүйүллэн-күргүйүллэн оҥоһуллубут күлүк бараан ти- тиигэр уган кэбистэ. Онтон дьиэтигэр киирэн, ынах ыыр ыаҕаһын ылан, ынаҕын ыан, торбоһун этэрэн барда. Биир ынаҕын ыан баран, иккис ынаҕын баран ыан бүтэрэн эр- дэҕинэ, дьиэтин* диэкки баччыр оҕо саҥата барылаччы ытаата* ньи- рэй оҕо саҥата ньирилэччи ыты<ы>р. Ону истэн, үүтүн тоҕо көтөн баран, дьиэтин диэки ыстанна. Дьиэтигэр кээлтэ — туох да суох эбит. Муҥатыйан баран төннөн барда. Иккис ынаҕын ыан бүтэрдэ. Үрдүн ыан эрдэҕинэ, эмиэ оҕо ытыыр, эмиэ оҕо ытыыр. Баччыр оҕо саҥата барылаччы ытаата, ньирэй оҕо саҥата ньирилэччи ытыыр. Ойон туран эккирээтэ, ы<а>ҕастаах үүтүн тоҕо быраҕан кээстэ, ол да эрээри д<ь>иэтин диэкки ыстанна. Д<ьиэтигэр> көтөн түстэ. Д<ьиэтигэр> туох да суох: —Туох баҕайыный, туох саҥатын истэбин? Аныгы ытыырыгар киирэр да үһүөбүөн! Онтон ынахтарыгар барда. [...]* ынаҕын ыан эрдэҕинэ, эмиэ оҕо ытаата: баччыр оҕо саҥата барылаччы ытаата, ньирэй оҕо саҥата ньи рилэччи ытыыр. Үүтүн тоҕо быраҕан кээстэ, д<ь>иэтигэр барда. Онно баран көөттө: били сонугар* суулаан таһаарбыт ото оҕо буолан, уҥа- уҥа барбыт, тэбэ-тэбэ барбыт. — Оо, и<э>хэйбин ньии, оҕолоор! — диэн баран ытыһын үрдүгэр түһэрбит. — Дьэ, мае Байанайым «пал!» гыннардаҕа, туос Ньукуолам «топ!» гын<н>ардаҕа! — диэн баран, ойон тура эккирэ<э>н, хаҥас сүргүнэтин харбыалаан-харбыалаан, чыычаах тумса саҕа* арыыны бу лан уотугар бырахта. Ол гынан баран, оҕотун сүгэн сылдьан, ынаҕын ыан үүт иһэт<т>э. 4 Бу курдук оҕотун былыттаах таҥараҕа быктарбакка, хал<л>аан таҥараҕа харахтаппакка, отто дойдуну одуулаппакка, ыстакааҥҥа ыһыгыннаран, атыйахха аччатан, тордуйаҕа туохтатан, көтүрдэр тииһ<иг>эр холоон, көрдөр хараҕын дьүк<к>этигэр тэҥнээн,
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2