Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

3 Төгүрүк сыл буолан баран, барыллыа тойон көтөн барыйан тии- йэн кэл*. Бу кэлбитигэр, көтөр кынаттаах ааттаах дьон бары мусту- буттар: — Алаатыка, толонноох тойоммут хайа эрэ майгылаах тылы-өһү аҕалла? Хайа эрэ майгылаах сиргэ сырытта? Истэ тардыахпыт этэ! — дии-дии. — Дьэ, тойоммуот, хайтах* туох майгылаах сиргэ-дайдыга баран кэллиҥ? — диэбиттэр. — Эчикийэ, сыбыс-сымыйанан бара сыльыбыппын: маска олорор көтөр олоруоҕун биир мае суох дайдыта ибит*, ууга устар көтөр биир устуох дайдыта — дьорооно*, күөлэ суох! Аан туманынан, тыалынан- халырыгынан өрө тутан эргиппит сир ибит! — диэбит барыллыа. 4 — Тыый, ноко, киэр бар! Эрим кээлтэ! — диэбит барыллыа хатын чаркыйга, көтөн тарыпынайан кэлбитигэр. — Хата, ол иһин мин кэллим бу: «Ханна баартай?» — диэн ми- ньигин* осустумаҕа ким дэ ыйытыа суоҕа. Хата бырастыылаһан, кэ- риэс-хомуруос таптаһарбытын таптаһан арахсыах, — диэн чаркый барыллыа улахан бэйэлээх уйатыгар тахсан, хатынын кытта угураһа- һыллаһа* таптаһа һыппыт. Арай барыллыа тойон көтөн төннөн иһэрин көр. — Тыый, ханна барыамый-кистэниэмий? Көттөхпүнэ — көрүө- ҕэ! — диэ чаркый. — Ыл, ити уйа аннынааҕы мутукка олор, билигин хараҥа — ха- ралҕан көтөр көрүө суоҕа, — диэбит барыллыа хатын. Чаркый мутукка иҥнэ түһэн олор. 5 Барыллыа тойон көтөн кэлэн, дьахтарыгар эппит: — Чэй, доҕор, оҕолоруҥ атаҕын оҥор-тэрий! Ол хоту дики сир туох-та* аатыттан үтүө сир ибит: сөрүүнэ дэ соччо, маһа да соччо, хорҕойуохха тааһа даҕаны соччо, сүүрэр атахтааҕа, булла-булуута* даҕаны соччо. — Төһө дьон баран эрэллэр? — диэ барыллыа хатын. — Суох!.. Мин кинилэргэ: «Куһаҕан бэйэлээх, туох-та тулуйуо суох, тымныытынан, тыалынан эргийбит сир», — диэбитим. — Мин кини­ лэргэ тоҕо6 этиэмий? Биһиги бэйэбит баран, тойон-хатын буолан, көҥүллүк үөскүөхпүт буоллаҕа диэн, — диир барыллыа тойон саҥата. 6 Иньэ гынан баран, тыаһа дьахтар угуруур-таптыыр майгылаах. (Сыл туххары көрсүбэтэх киһи хайыаҕай?) Маны истэн баран, чаркый күнүлүү санаабыт. (Сыл тухары дьахтар гыммыт киһи эмиэ буруйа

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2