Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

Та-ас уорхабынан тиэрэ түһэммин* Ото* турбат кыахха киирди-эм. Будулҕан тымныыгын тоҕо ыыттык, 10 Аан-дьаамҥын кымньыылаан кэбистиҥ? — Диэн кэтэ-тыынан* олоробун. Итии сальгынна ыыт эрэ, Куйаас шалгынна аҕал эрэ, 14 Альааһа дьиэбэр тахсыахпы-ыа-ыа-ыан, — дии һыппыт. Ол аам дьаам* кээттин кэннэ, ол Таал-Таал эмээххин төһө да аны көрдөспүтүн иһин, ый кыыһа Ырбайльдьыйа* Ыдьдьаана ол дэлэҕэ туруоран ыыта һыдьдьыа дуо? Ото<й> хам тоҥон хаалбыта үһү диэн буолар. Дьэ, һити курдук. ЧУУЧУЙДААН Арай биирдэ — үс бырааттыы үөһээттэн түспүттэрэ, алларааттан тахсыбыттара [биллибэт] — үс бырааттыылар олорбуттара эбитэ үһү. Улахан уол Үөлэччээн диэн, орто уол Чүчүүкээн диэн, аччыгый уолла- ра Чуучуйдаан диэн. Үһүөн буллунан* дьарыктаналлара эбитэ үһү. Аччыгый уоллара кыра эбит, аҕыстаах-сэттэлээх оҕо. Убайдара улахан, элбэх сылынан аҕа буоланнар, кинилэр кыыллыы-тайахтыы баралла- ра эбитэ үһү. Бу баттарын* гиэннэ* бу уол дьиэтигэр хаалан баран, корсуокка* турар ууга һохо* түспүтүн, онон булкуна* турар эбит. Онтон иһин харыаннан*, һыр* харыаннан, һур харыаннан* һуруна-һуруна* турар эбит. Онтон биирдэ үөһээ көрбүтэ, кыталык олорор эбит, оһоххо. Оһох үөлэһигэр кыталык олорор эбит. Былыр кыыс-кыталыктар*, кыргыттар кыталык буолан, көтө һыдьдьаллар диэн кэпсииллэр эбит. Көтө һыдьдьаллара* эбитэ үһү — ити остуоруйаҕа. Онон бу Чуучуйдаан кыргыттары күүтэ олордоҕо дии. Онтон утайбат* үс кыыс күлсэ- 1 сүлсэ дьиэ’э* киирэн кэлэллэр. Киирэн кэлэн, билиги* Чуучуйдааны дэлби элэктииллэр, кинини дэл­ би күлэллэр, элэктииллэр. Чуучуйдаан идэлги* күнү дэлби кинилэри кытта, ээ, мосуһан баран* дьиэтин хомуйбакка, убайдара кэлэллэри- гэр: баарын* кыргыттар тахсыбыттарын гэннэ, убайдара кэлэллэри- гэр — бары-барыта ыһыллан баран һытар эбит. Онтон убайдара кэлэн баран, таһыйбыттар. — Дьэ, хайдах буолан, дьиэгин* хомумматаххыный? — диэн дэл­ би сэмэлээбиттэр уонна таһыйбыттар кинини.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2