Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

ТААЛ-ТААЛ ЭМЭЭХСИН 1 Былыргы үйэҕэ, киһи-һүөһү* сүрэҕэ һуоҕу<н> һаҕана, аат-суол диэн иҥэ лигинэ* күн-дьыл бүдүк-бадык һоҕус эрдэҕинэ, үгүс тойон диэн биллибэт эрдэҕинэ, үҥэр таҥара үксээн турдаҕына, абааһы диэн дэлэй эрдэҕинэ, Таал-Таал эмээхсин диэн олорбута эбитэ үһү. 2 Дьэ, бу эмээхсин һассыарда а’а* уу баһар идэлээх, дьыбар буо* һаҕана. Ону отон* хайдах гыныай? Былыргы киһи отон даҕаны, аны- гы да киһи һарсыарда даҕаны, күнүс да уу баһар баҕайыта. 3 Бу эмээххин* оттон туос ыаҕастаах, дьэ, уубаһа, дьэ, дьэлэйэн- хотойон киирэн иһэн: «Мин Тааль-Тааль* эмээхшин* диэн буолабы- ы-ыын, — диир. — Ый кыыһа Ырбардыыра Ылдьаана кыыһабы-ы- ыын», — дии-дии, дьэ, айтальдийан испит. 4 Онтон уу баһан баран, дьэ: — Ый кыыһа Айталльыына Ыдьдьаана-а* дьэ, миигин эн тоҕо Таал-Таал диэн ааттаабытыҥ буолуой? Киһини таах ыт көрдүк*... Мин хайдах букатын олох туох да киһи дьалайбат баҕайытабыный*? — диэн, уу баһан баран, тэлээриҥнээн иһэн, хатты тэбинэн*, тиэрэ кэ­ лэн түһэн баран, дьэ, манна шытар дии, дьэ. 5 Эмээххин турар кыаҕа һуох. Ээ, уо’нан ба’ан* дьэ, дьэ, ырыалаах буола һытар өссө, пу* ыльыан, туксьарыан быатыгар, бу табаары- һыҥ: 1 — Баай-баай, баай-баай, Ый кыыһа Ыдьдьаана ийэкэйиэ-иэ-йэм, Дьэ-э, Таал-Таал эмээхшиэн, эн кыыһын, Бысьтарык быһыыга ылларда, 5 Куһаҕан дьүрсүн* буолла, Муушка хаттырыйаммын

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2