Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
6 Көлүйэни үрдүнэн көтүөкэлээн аҕаһыгар тиийдэ. Көтөн түспү- тэ — агаһа эттэммит, балчыыр оҕону көтөгөн олорор эбит. — Нокоо-о... Тоҕо кэллиҥ? Кэпсиэ, — диэтэ. — Ийэм өлөн хаалла. Бэдэр сагыньньагын ыытыаҥ үһү. Кэтэрдэн баран кистиэхпит этэ! — Ол ийэм хайтах ыардьан өлөөхтөөтө? — Ыарыппата. Убайдарым миэхэ туҕу көрөгүн дэ баһын быһан иһээр диэн, батыйа биэттэрэ. Ол батыйанан ийэм утары тахсан истэ- гинэ, баһын быспытым. Онно өлөн хаалла. —Оо-о!.. Кыайар! Кэпсээннээх буола-буола! Ийэбин өлөрдүм, үтүөнү оҥордум диэн, кэпсээбиттээх буола-буола. Акаары! Мин ам- паартан тахсан сагыньньагы киллэр<и>им. Онуоха дылы бу уолу көтөх. Хайа, ийэгин өлөрбүтүҥ курдук өлөрөн кэбиһээйэний*! Сэ- рэн! — диэтэ аҕаһа. Мэнигийээн аҕаһыттан оҕону ылла. Аҕаһа ампаарыгар тагыста. Уол дэлби ытыыр. — Тоҕо ытыырый? — дии-дии Мэнигийээн оҕону эргим-ургум тутта, убахтаан көрдө. Дьулайын хаппагын бигиэн көрөн баран: — Ээ-э... эдьийим эрэйдээх оҕотун ириҥэгэ быһа сиэппит эбит ээ-э... Ол иһин оҕо эрэйдээх ытыыр буоллага, — дии-дии, дьулайын ыга тутта. Онуоха оҕо мэйиитэ дэлби ыстанан тагыста. Мэнигийээн ого мэ- йиитин барытын ыҕан кэбистэ. Ого сарылаан-сарылаан баран, өлөн хаалла. Агаһа таһыттан сагыньньагын туппу<ту>нан киирдэ. — Аҕаас! Бу оҕоҕун кутургуйаҕа быһа сиэтэн өлөрө сыспыккын! Хата, ону мин көрөммүн, ол кутургуйатын ириҥэтин ыган кэбистим. Ол иринэтэ ыгылларын кытта, оҕом эрэйдээх сыламнаан утуйан хаа- лаахтаата. Аҕаһа сүрэгэ барт гына түстэ. Сэрэйэн сүүрэн кэлэн, оҕотун ылан көрбүтэ: Мэнигийээн төбөтүн хаптаччы тутан, мэйиитэ барыта ыгыл- лан, оҕо хайыы-айаҕа* өлөн хаалбыт эбит. —Абааһы, кыайар! Ха<а>рыан биэбэккэбин өлөрдөгүн! Сибили- гин мин бээйэгин дэ моһуорагын көннөрдөгүм! — диэбитинэн ытыы- ытыы, уот аньньар маһы сулбу тардан ылан, Мэнигийээни кырбаары сүүрэн кэллэ. Мэнигийээн обургу ыстанан турда да, сагыньньагы ылан баран, таһырдьа ыстанна. Дьахтар сыыһа-халты охсон хаалла.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2