Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Тахсан өр баҕайы күрдьэн баран, Симэхсин эмээхсин: «Айыы- айа!» — диэн баран, сайтас гына түһэр. Оо, уол уталытыах* киһи буо- луо дуо? Сүүрэн кэлэр, күрдьэҕинэн мэйиитин хампы охсон өлөрөр, ол гынан баран: «Симэхсини өлөрдүм», — диэн киирэн эппитигэр, оҕоньньор этэр: — Хаарыын эмээхсин! Чэ, нохоо, бар, кулҕааххынан буорда хас! — диир. Оо, уол тахсан сып гынан хаалар. Утайбат, «Хаһан бүтэрдим», — диэн, киирэр. —Тыый! Бу хайдах түргэнник хастыҥ? Баран көрүөх! — диир. Тахсан көрөллөр: арай хаары кыратык күрпүт, сир хаһыллыбыта диэн биллибэт. — Хайа ханна баарый хаспыт сириҥ? — диир. Уол сиргэ умса түһэр, кулҕааҕын сиргэ таҕайар*: — һ.ээ , оттон кулҕаах<х>ынан хас диэбитиҥ дии?! Бу кулҕааҕым эрэ киирэр гына хаспытым. Оҕонньор этэр: — Эс! Чэ-чэ, кэбис, ик<к>иэн хаһыы<һы>быт, — диир. Уонна иккиэн хаһан, Симэхсин эмээхсини уҥуох тутан* баран, Баай Хара Хаан күрээри гынна, барытын бары оҥоһунна. Баайын- дуолун* барытын хаалларан туран бараары, Тутум Түөкэйгэ ындыы- тын хаалаппытыгар — ындыытын наар аҥаар өт<т>үгэр хаалыыр уонна мэрэмэдэй биир өт<т>үгэр бэйэтэ киирэн хаалар. Оҕонньор илэһэ-талаһа атын мииннээт, туе илин барар. Бараар- бараар, баран-баран, баран этэр: — һуу! Тутум Түөкэйтэн туналыйдым ини, тунулукку дьоо! — диир. Киһи саҥата: — һуу! Тутум Түөкэйтэн туналыйдаам ини, тунулукку дьоо! — диир. — һуу! Аны уҥа кулҕаахпар иҥмит ду? — диэн баран, кулҕааҕын быһа баттыыр! Балай да барбахтаан эмиэ этэр: — Һуу! Тутум Түөкэйтэн туналыйдаам ини, тунулукку дьоо! — диир. Киһи саҥата эмиэ: — һуу! Тутум Түөкэйтэн туналыйдаам ини, тунулуку дьоо! — диир.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2