Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

—Маньабын6 Хаан Харахаан тойон сээбэһин* анаарын ку- луҥ! — диир. — Биэриминэ7, хайыахпытый? Оннооҕор да буолуоҕу биэриэх- пит этэ, — диэн, үптэрин аҥаардаан биэрдилэр. 5 Олоон Долоон саһыл-удаҕаҥҥа тиийэн: — Барыаҥ үһү, — диир. Онуоха саһыл-удаҕан тоҕус бөрө уолун, аҕыс саһыл кыыһын аһылыгын биэрэн баран, мэҥэстэн кэлэр Олоон Долоону кытта. Уот иньигэр олох кэбиһэн баран, дьэ, көрүү көллөрөллөр: ким- тэн, туохтан өлбүт диэн. Саһыл-удаҕан, кыыран ньиргитэн, дьабын төрдүгэр киирэн, була сатаан кэбиһэр, өлүүтэ дьабынын төрдүгэр арай көстүмэ8. Онтон Орто дайдыга илбис төрдүгэр тиийэн: — Босхо уостаах9, бороҥ урааҥхай! — диир. Онуоха Олоон Долоон, тахса сүүрэн, биир хаҥыл атыырдарын кутругар холлоҕостоох уоту баайан кэбиһэр. Иньэ гынан баран, көтөн түһэн: — Сылгыны уот сиэтэ! — диэн ыһыытаа. 6 Киһи барыта тахса көт. Олоон Долоон удаҕаны (икки) самаҕын туорайыттан ыл! Иньэ гынан баран, хонтуораҕа киллэрэн, улахан сири иһиттээх кымыска атаҕын өрө гына уган кэбис. Саһыл-удаҕан тумнастан өлөн хаал. Арай дьон дьиэлэригэр көтөн түс. — Бай! Удаҕаммыт ханна барда? — дэсиһэн баран. — Кымыһы хамнатыҥ! — диэбиттэр. Олоон Долоон көтөн түһэн: — Аа, бу дайды дьоно хатыҥ мае хамнатардаах буолуохтара диэ- битим — хатын дьахтар хамнатардаах ибит дуу? — дии-дии, удаҕаны атаҕыттан ылан баран, өрө тарда-тарда түһэртиир. — Тыый, ити киһи тугу этэр — көрүҥ! — диэн буол. Уоллаттар, көтөн түһэн, көрбүттэрэ — арай удаҕаннара кымыска тимирэ сытар. — Эчикийэ, айыккабын! — диэн ытаһыы-соҥоһуу, альархай буол. —Тугу ытаһаҕыт? Ити сүбэтэ дөбөҥ! Ытаһымаҥ бостой! — дии- дии, уот дики аҥаар хараҕынан олчоччу көрөн олорор Олоон До­ лоон. — Сүбэтэ тугуй? Чэй, быыһаа! Биһиги эрэйгин си хаалларыахпыт суоҕа! — диэн буол.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2