Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

Өлөрбүт киЪилэрэ уот иньигэр сытар. Олоон Долоон ону, моой- нуттан быалаан баран, сүгэн ийэтигэр-аҕатыгар ильэ барар. Түүнүн айаннаан, сэргэ төрдүгэр түһэрэн кэбиһэр. Дьиэҕэ көтөн түһэн: — Ийэ, аҕа, сытыарыҥ! — диир. — Эй, бар, ол убайгын кытта сыт даа! — дииллэр. — Эй, кириэскин туо* баар4!Бар, эдьийдэргин кытары сыт даа! — диир убайа. — Эй, бар, балыстаргын кытары сыт даа! Алаата, тутун муҥай? Ханна бара сыльыбытыҥый? — дииллэр эдьийдэрэ. — Бар, ол Симэхсин эмээхсини кытта сыт! Кириэһин муҥнаах киһигин, киһини утутумаары гынныҥ! — дииллэр балыстара. — Ийэ, аҕа, убайдар, эдьийдэр, балыстар, сасыарда үтүөбүн көрөөрүҥ! — диэн баран. Олоон Долоон, тахса сүүрэн, биир ааттаах Ыстыйбан диэн атыырдарын дьиэ ааныгар аҕалан, иһин хайа тардан, өлөрөн кэбис. Иньэ гынан баран, билиги өлөрбүт киһитин ыйаан кэбиһэр. Иһигэр урукку хайаҕаһын устун дьиэ иһиттэн биир быһаҕы харбаан тахсыбыта баарын аньан кэбиһэр. Сасыарда, уотун оттон баран, Симэхсин эмээхсин тахса сүүрэр. Арай көрдөҕүнэ — уол тойоно, хара киис саҥыйахтаах Харыадьа Бэр- гэн, ыйанан, бастыҥ сэргэҕэ моҥнон өлөн турар; улахан аһыыр быһаҕы быарын хаба ортотунан аньыммыт; атыырдара эмиэ сүрдээх бэйэлээхтик өлө сытар. Дьэ, оттон5 тылын түөһүгэр түһэрэн, мэҥи- йэн киирэр эбэт. Дьэ, истэн баран, сорохторо уҥан, сорохторо чыбыч- чыгыньаҕын, сорохторо таҥас эрэ аатын саба кэбиһинэн баран, тахса сүүрбүттэр. Ытыы диэн кыыл* айдаан диэн кыыл, «эн сытыарба- таҕыҥ, эн сытыарбатаҕыҥ», — диэн этиһиилэрэ диэн кыыл — туох-та аатыттан атын буол! Онуоха сасыарда Олоон Долоон ыаллыы* кэлбит киһи буолан ба­ ран: — Сэй-йэ, итиниэхэ ытыы олордуохкут дуо? Ити сүбэтэ барбах буоллаҕа дии, — диир. — Саһыл-удаҕан баар, онуоха киһитэ ытыахха СӨП, — диэн сүбэлиир. —Дьэ, маныаха ким барыаҕай? — диэн сүпсүһүү-сапсыһыы буол. Олоон Долоон: —Мин баарбын — барыах киһи, — диэн буол. — Чэй, бар. Маньаҥ тугуй? — диэ.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2