Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

түһэн курдары анньыбытын эһэ табаҕайынан үөһээ диэки өрө охсон кээһэр. Өрө охсон кээһэн баран, өлөн түһэр. Үөрэн-көтөн астаары өнөйөн эрдэҕинэ, Сээкэрэ көхсүн үөһээ охсуллубут батыйа төттөрү түһүүтүгэр дьөлө түһэн өлөрөр. Эһэтин сыттаммытынан өлөн хаа­ лар. 7 Энчоэбил эмээхсин сүтүктээн баран, уолун көрдөөн, эһэтин сыт- танан өлө сытарыгар түбэһэр. Онно эрэ били эһэ оҕото кыраабытын санаан кэмсиммит: 1 — Эдэр-сэнэх эрдэхпинэ, Кэрээнэ суох кэбэлийбитим, Дьалаан<а> суох дьаабылыйбытым, Ааттаһары аһымматаҕым, 5 Көрдөһөрү көмүскэспэтэдим Сэтэ-сэлээнэ туолан, Кэннибэр хаалыах Кэнчээри<м> кэскилин сарбыйдым, Мутугунан быраҕар 10 Мун-ур үйэм дьэ туолла, Муҥум-сорум да эбит! — диэбит. 27. БУКУЙ-ТАКЫЙ ТАЙЫЫЛААХ БукуЙДААН ОҔОННЬОР 1 Былыр-былыр Күргүй Дохсун уоллаах, чэп-чэгиэн д<ь>иэлээх, Чэм-Чэмиликээн эмээхсиннээх, Хоп-Дьип кийииттээх, букуй-такый тайыылаах Букуйдаан оҕонньор диэн олорбута эбитэ үһү. 2 Бу оҕонньор арай биирдэ утуйа сытан баттатар. Дьонноро бу оҕонньору уһугуннараллар. Бу уһугуннарбыттарыгар сүрдээхтик соһуйан уһуктар. Оҕонньортон: — Тугу түһээтиҥ? — диэн ыйыталлар дьоно. Оҕонньор этэр: — Күөх тыа маһа буолуо диэбитим, көй сэрии буолан көһөн кэл­ лэ. Хара тыа маһа буолуо диэбитим, халыҥ хамныай* сэрии буолан хамыллан кэллэ. Бу буолан бараннар Күргүй Дохсун уолбун өлөрөн бараннар, күрдьүккэ көмнүлэр. Чэп-Чэгиэн дьиэлээх Чэм-Чэмиликээн эмээхсиммин өлөрөн баран, көҥнөйгө* астылар. Хоп-Дьип кийиип- пин күрэтэн бардылар. Оттон бэйэм буоллар, букуй-такый тайыыбы- нан дьиэм муннугун тоҕо хаһан тахсан куоттум диэн түһээтим, — диир оҕонньор. 3 Сол күн, оҕонньор түһээбитин курдук, көй сэрии көһөн кэлэр, халыҥ сэрии хамыллан кэлэр. Күргүй Дохсун уолун өлөрөн бараннар,

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2