Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

Дьэ түҥкүнээн-таҥкынаан, айаннаан уол ойууну дьиэтигэр тиэр- дэр. Баайын барытын муньньан биэрэр. — Ойуун уоһа оҕус хоҥхочоҕуттан хоҥноруускай! — диир уол. Ойуун уоһа хоҥно түһэр, уол буоллаҕына, баайын-дуолун үүрэн, кэлэ турар. Ойуун дьиэтигэр хаалар. 7 От Саҕыньньах Харах Хааннаахха тиийэн кэлэр. Дьоно дьэ айма- на түһэллэр, ааттаһыы диэн, көрдөһүү диэн эймэҥнэс, икки атахтаах тулуйбат иэйиитэ буолар. — Чэ, Харах Хаан оҕоньньор! Баайыҥ аҥаарын гытта мааны кыыскын ойох аҕал, оччоҕо араартыаҕым! — диир уол. — Ээ, тукаам, биэриминэбин, биэрбэт буолуом дуо? Араарар эрэ буолларгын, — диир Харах Хаан. —Харах Хаан оҕоньньор эмээхсинниин холлоҕос оронуттан хоҥ- норуускай! — диир уол. Харах Хаан эмээхсининээн хоҥнон кэлэллэр. Ити курдук От Са- ҕыньньах Харах Хаан атын кэргэттэрин олоччу хоҥноттоон кэби- Ьэр. 8 Оттон Харах Хаан баайын аҥаарын кытта мааны кыыһын От Саҕыньньах уолга ойох биэрбит. От Саҕыньньах уол баай бөҕөтүн үүрэн-түрүйэн, аҕатын алааһы- гар тиийэн, ойохтуун ыал буолан, байан-тайан, ньиргийэн бэҕэһээ киэһээҥҥэ диэри бэт үчүгэйдик олорор үһү. 26. ЭҤКЭЭБИЛ УОННА СЭЭКЭРЭ 1 Эҥкээбил эмээхсин эмньик бэйэлээх эдэр сааһыгар эр диэҥҥэ наадыйбатах, кырдьан-мөлтөөн кыһаллан көрүөм диэн санаабатах. Үөһээнэн кыптыый кынаттааҕы, аллараанан сүүрэр атахтааҕы аһар- бат аар саарга аатырбыт булчут эбит. Ол да иһин дьиэҕэ-уокка, баай- га-дуолга наадыйбакка, хара тыаны быһа хааман, устар ууну быһа оломноон, иэҕэйэр икки атахтааҕы иннигэр түһэрбэккэ, ойуур да, уу да булдун харыһыйан, аһынан көрбөккө аҥаар кырыытыттан кыдый- быт. 2 Сааһын ортотун ааһыыта, сааскы харалдьык тахсыыта түүннэ- тэн, сылайан төхтүр үрдүгэр кымырдаҕас уйатыгар сыппыт. Уутун быыһынан иһиттэҕинэ: аллараа кыра оҕо ытыыр, ону ийэтэ мөҥөн

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2