Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
— Ээ! Тигэн. Ити ороҥҥо уурбутум өр буолла, — диэтэ баҕа- ойох. Эр киһи тиийэн, үтүлүгү ылан көрбүтэ: сөрү-сөп, хоп курдук. — Тыый, доҕоор! Эн букурдук хайтах уус буоллун? Тугун сүрэй? Көрбөтөх көрүү, төһүөбэтэх түүл. —Тыый, доҕоор! Оттон үөрэнэн-үөрэнэн уус буоллаҕым дии, — диэн баран, чолох гынна. Ити курдук кэпсэтэн, аһаан-сиэн утуйдулар. Эр киһи сассыарда чэйдээн баран: — Бүгүн үчүгэй гына саары этэрбэстэ тик, — диэн баран, тахсан барда. Баҕа-ойох кэнниттэн: — Тикпэт бэйэлээх буолуом дуо? Тигиэм! — дии хаалла. 9 Кыыһы туруоран чэйдээтэ. Чэйдээн бүппүтүн гэннэ: — Үчүгэй гына саары этэрбэстэ тик. Тойоммуттан кыра-кыратык хайҕанар буолан эрэбин. Бэйэ хайтах буолар, — дии-дии, хаҥас диэк ки итиннэ «пыл», манна «пал» ойуолуу турда. Кыыс олорбохтоон баран, иистэммитинэн барда. Өр өтөр гымма- та, биир үчүгээй баҕайы саары этэрбэһи тигэн бүтэрдэ. — Этэрбэскин бүтэрдим. Ханна уурабын? — диэтэ. Онуоха баҕа-ойох: — Ити кыраайкаҕа* ыйаан кэбис, — диэтэ. Кыыс ылан, кыраайкаҕа ыйаан кэбистэ. Ол гэннэ хааһаҕар тии йэн, сытан кэбистэ. Утаака буолбата* таһыттан оҕоньньор көтөн түстэ: —Хайа, доҕоор, эппиппин толордун дуо? — Толорбот бэйэлээх буолуом дуо? Ити кыраайкаҕа ыйаан кын- татан турабын. Эр киһи ылан көрбүтэ: дьэ, кырдьык да, үчүгэйэ сүрдээх. Көрө сөхтө: —Тыый! Эн хайтах бу курдук уус буоллуҥ? — Оттон үөрэнэн-үөрэнэн уус буоллаҕым дии, — диэн баран, ол- б у ДИЭККИ ЧОЛОҤНООТО. —Аата, ыйаабытын баҕас үрдүгүн көрүөҥ. Чэ, кэлэн ылан кулу! Баҕа-ойох тиийэн өрүтэ көтүөлээтэ, кыайан тиийбэтэ.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2