Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
уҥа ороҥҥо олорон кэбистэ. Ол олордоҕуна, хаҥас диэкиттэн тыс үтүлүк саҕа баҕа «пыл-пал» үктэнэн тиийэн кэллэ: — Кэпсиэ! —Суох. —Хайа диэкиттэн иһэҕин, ханна бардыҥ? —Муна сылдьар кыыспын. —Оо! Эрэйдээх киһи эбиккин, — диэн баран «пыл-пал» үктэнэн хаҥас диэки тиийэн, чэй өрөн, чэйдээтэ. Чэйдии олорон: —Мин эрим: «Бэрэбэдэйдэ* тик», — диэбитэ. Онтукайбын са- таан тигиэ суохпун. Эн тигэн кулу уонна миэхэ олор, — диэтэ. Кыыс чэйдээн бүтэн баран, көрүөх бэтэрээ өттүгэр биир бэрэдэ- мэйи тигэн, бүтэрэн кэбистэ. Баҕа-ойох кыыһын орон анныгар саһыа- ран кэбистэ. Киэһэ биир киһи киирэн кэллэ: — Бу туох сытай? Ким сырытта? — Ээй, суох, доҕоор. Эмиэ ким сылдьыа буоллаҕай? Туох сыта баар буолуо буоллаҕай? — диэн баран, хаҥас диэки «пыл-пал» түһэ турда. Оҕоньньор олорбохтоон баран: —Хайа, хааһахпын тиктин дуо? — диэн ыйытта. Онуоха: —Хааһахтааҕар буолуоҕу тигэр дьахтарбын. Биир бэрэбэдэйи бүтэрбитим өр буолла! — диэтэ. — Чэ, көрдөр эрэ! — Ити ороҥҥо сытар. Оҕоньньор баран көрдө: — Бу эн хаһаантгыттан маннык уус буоллуҥ? —Үөрэнэн-үөрэнэн уус буоллаҕым дии. — Чэ* сөп, сассын биир сарыы үтүлүктэ тигэн кулу. —Тигэр да баҕайым ини, — диэн баран, чолох гынна. — Чэ, чэй- гин ис, — диэтэ. Эр киһи чэйин истэ уонна утуйдулар. Сассыарда туран, аһаан- сиэн баран, бултуу барда. 8 Баҕа-ойох кыыһын таһааран, чэйдээн баран, үтүлүк тиктэрдэ. Кыыс үчүгэй баҕайы сарыы үтүлүгү ти 1 стэ уонна баҕа-ойоххо биэрдэ. Баҕа-ойох ылан, ороҥҥо ууран кэбистэ. Киэһэ кыыһын бэрэбэдэйгэ уган баран, сытыаран кэбистэ. Киэһэ эр киһи кэлэн: —Хайа, доҕоор, үтүлүккун тиктиҥ дуо? — диэтэ.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2