Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Алаһа дьиэ туруоран, Алтан сэргэ анньар 15 Күнүм буолла. Эрбэх дьолуота, Соргута биллин! — диэбит. 5 Ол гынан баран: — Чэйиҥ, оҕолор! — диэбит. Онуоха туран, уоллаах кыыс «тирк!» гыннаран кээспиттэрэ: биирдэрэ — тус илин диэки, биирдэрэ — тус соҕуруу ДИЭКИ. Уол ки- һитэ тардан кэбиһэр — тус соҕуруу диэки. —Дьэ туруоххут дуо, оҕолоор? Оттон оххут дьэ ол кыһыл көмүс кыырпаҕын курдук, дьэ кылабачыйа-кылабачыйа бара турда ээ! Оҕо- лорум котокулар ыталлар да эбит! — диир. Дьэ, үөрэн-көтөн, өттүгүн оххунан: — Эмээхсиэн, дьэ, дьол-соргу бөҕө дьэ буолла! Айыы дархан хаан аймахтарын өрөһүйэр буоллулар, күн айыы оҕолорун күөмчүлээбэт сирдэригэр ыыттылар. Дьолбутун-соргубутун дьэ оҥостор дьон буол- лубут эбээт! — дии-дии үөрбүт-көппүт. 6 Инньэ диэн баран, дьэ били уоллаах кыыс баран хаалбыттар. Уол барбыт даҕаны, дьэ хас да хоммут. Хараҥардаҕына: «Түүн буолла», — диэн, сырдаатаҕына: «күнүс буолла», — диэн, үс түүннээх күн айан- наан, төрдүс күнүгэр дьэ тиийэн кэлэр киэһэ. Кыыс оҕо буоллаҕына, биир сиргэ суоллаан-суоллаан тиийэн, ол күн күн дьааһыйыыта, дьэ дьиэтигэр тиийэн кэлэр. Ол гынан баран: — Аҕаа, дьэ дьиктигэ түбэстим! Дьэ буолар да эбит, тоҕо бэрдэй ити! Тумсун төбөтүттэн кутуругун төрдүгэр дылы алалаах Ала Тойон диэн мин охпун туора ытыран олорор. Ону: «Аҕал», — диэбиппин, дуорас биэрбэт. — Тоҕо биэрбэт, доҕоор, ол? — диир. — «Мин ылаары ылан олоробун, ыларга сокуон бөҕө баар, Дьыл- ҕа Тойон ыйааҕа да оннук, аан дойду айылҕата да оннук айбыта. Дьэ, миигин айыыһыттар айбыттара», — диир. —Дьэ эрэ, ол хаһан кэлэр тойон буолар эбитий? — «Үс хонугунан сарсыарда күн тахсыыта кэлиэҕим. Дьэ онно кэтэһээриҥ», — диэбитэ. — Сөп, — диэбит. 7 Дьэ үс хонор. Биллибээт. Төрдүс күнүгэр тиийэн кэлбитэ эбитэ үһү диэн буолар. Дьэ, күтүөт кэлэн баран, тойон сэргэлэригэр логлос гына
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2