Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
7 Алла-булла кутуруктаах араҕас атын мииньэн баран көтөн тах- сыбыт, үүһээ дайдыга. Сатыы былыкка таҕыста. Син сирдээх-дайды- лаах, дьиэлээх-уоттаах бу дайдыга. Биир туруорбах дьиэҕэ сылгы чыы- чааҕа биир биһиктээх оҕону билиэн эрэр [эбит]. Үчүгэй Үдьүйэн көтөн түспүт. Билиги сылгы чыычааҕа: — Чичип! — диэ түспүт, соһуйан. Билиги чыычаах тыллаах буолбут: — Үчүгэй Үдьүйэн! Дьахтаргын батыһан кэллиҥ дуу? — диэбит. — Эн бааргын биллэҕинэ, туох [да] иньигэр кэлиэ суоҕа! — диэбит. — Кырынаас5буол! — диэбит чыычаах. — Оҕотун биһигэр киир. Оҕотун тэһитэ кытаахтаа. Оҕо өлө-өлө ытыаҕа. Онуоха сүрэхтээх киһи кэ- лиэҕэ даҕаны, — диэбит. Билиги эппитин курдук кырынаас буолбут. Оҕотун биһигэр киирбит, оҕотун тэһитэ кытаахтаабыт, суптурута ытырбыт. Оҕо бэ- бээрэ-бэбээрэ6 ытаабыт. Сэттэ кыталык тиийэн кээлтэр. Билиги дьах тар түһэн кэлбит, оҕотун биһигиттэн ылбыт. — Оҕом хайтах буолан ытаатаҕай? — диэбит. Эмийин эмнэрэ олорбут. Үчүгэй Үдьүйэн үрдүгэр түспүт (билиги дьахтарыгар). Түүтүн үргүөн-үргүөн ылбыт, уоттаан кээспит. Дьахтара хабырыттан-хабырыттан баран, өлөн хаалбыт. 8 Дьэ, бу киһиэхэ иэдээн буолбут. Үүһээҕи дайдыга* көтүппүт, Үргэл Тойоҥҥо тиийэн кэлбит. Үргэл Тойон кыыһа Үргүүк Удаҕан аҕыс атах- таах алтан араҥас үрдүгэр үрүн: көмүс тоҕоһоҕо* аҕыс былас аалай солку аһын эрийэ кэбиһэн олорон, кыһыл көмүс тарааҕынан тараана олорор [эбит]. — Үргэл Тойон кыыһа, Үргүүк Удаҕан, эйигин ыла кэллим! Си- мэхкин-таҥаскын, эньэҕин-сэтиигин оҥостон олор! — [диэн] талах кымньыы төбөтүнэн таптаан ааспыт. Ый Тойоҥҥо ааспыт. 9 Ый Тойоҥҥо тиийэн кэлбит. Ый Тойон кыыһа аҕыс атахтаах ал тан араҥас үрдүгэр үрүҥ көмүс тоҕоһоҕо аҕыс былас аалай солку* аһын эрийэ кэбиһэн олорон, кыһыл көмүс тарааҕынан тараана оло рор [эбит]. — Ый Тойон кыыһа, Ыйдыҥалаах Удаҕан, эйигин ыла кэллим! Симэхкин-таҥаскын, энньэҕин-сэтиигин бэлэмнээн олор! Төннөөрү- бүн ылыам! — [диэн] талах кымньыы төбөтүнэн таптаан ааспыт. Күн Тойоҥҥо ааспыт.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2