Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
сыалаах луук буолбут, мэйиитэ таммалаабыта — сутукалаах мае [буо лан] хаалбыт. Ол курдук сэймэктэнэн сир-дойду аһылыга буолбут. Ол гынан баран, сааппыт-хоппут киһи буолан, баран, Б/эйбэри кээн / э/мээхсиҥнэ/ кэлбэккэ эрэ, дьиэтигэр баран хаалбыт. Дьэ кини дьиэтигэр баран дойдутун-сирин, сүөһүтүн-аһын көрбүтэ: торбосторо толоон аайы тоҥон өлөллөр эбит, кулуннара куоһа<а>х хотоол аайы көлөттөн өлөллөр эбит, сылгылара сыһыы аайы сытыйталаабыттар эбит, анахтара алаас аайы адаары<й>талаабыттар эбит. Кини дойду- тут<т>ан биргиньньэх кыыл мэлийбит эбит, куккаакы кыыл куо- турҕаабыт эбит, сонун көтөр суох буолбут, сааҥа* көтөр саантаабат буолбут. Ийэлээх аҕата ибили түөһэйэн хаалтар. 21 Симээхеин, Симээхеин эмээхсин киирэри охсубут, тахеары тэп- пит. — Сим/эхсин/-Сим/эхсин/, туох айылаах буоллуҥ?! Миигин дьөлүккэлээнчгин өлбүккүн өллөрдөөрү, хаалбы<ккы>н халыйдаары гынныҥ дуо? Хара Хаан оҕоньньор байбыт баайын баһылаан олорон, бас билэн бараабыт буолбаккын дуо? Биир эмэ киһи ордон хаалан, эргил<л>эн ирдээн ылыа диэн, иҥнэ санаабыккын дуо? — Ол баайы, өлбүт да буоллахтарына, мин өлөрбөтөҕүм буолуо* сутаабыт да буоллахтарына, мин сутаппатаҕым буолуо. Эн хотун ойоҕуҥ таһылдьа тахсан, «хорук-хорук» сыһыы диэкки хайыһан ту ран баран, хоруотаан баран, ытыһын тоһуйан айаҕар салбанар буола- ра. «Мээх-мээх» диэн баран, хотоҥҥо киирэн уон тарбаҕын сабырҕач- чы оборор буолара. Ийэлээх аҕаҥ диэкки дук гына-гына айаҕын тоҥсуйар буолара. «Бэт дьахтары Б/эйбэрикээн/ э/мээхеинтэн/ булан киирдим», — диэн бэккэ киэбирбит этиҥ. Син билигин сирэйбит быһыыта биир буолбут дуу?! Бэйбэрикээниҥ кыыһыгар туһунан дьиэ тутан биэрдиҥ дуу?! Аны олох бу дойдуга аҕалаҥҥын икки атахтаах- ха көрдөрүмэ! 22 От-мас иччитин барытын ыҥыран, отто дойдуга доҕордоспут дьо- нун барытын ыҥыран, малааһын оҥорон туран, дьэ кэпеэтэр. — Дьэ мин ылбыт ойоҕум* оннук эбит. Дьэгэ Бааба хайдах чэҥнэ бырахпытын барытын сиһилии кэп- сиир. — Кырдьа§астыын-эдэрдии<н> дьэ сүбэлээн-! Хайдах гынаммын ол дьахтары эргитэн ыалыамый?! Дьэ ону туран сүбэлииллэр: — Онтон кэлэрэ кэбирэх буоллаҕа дии! Билигин дьэ хат тах- саҥҥын, кэпсэтэн-ыйытыһан киир. Кэлиэх буоллаҕына, аара хааллар-
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2