Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
— Дьэ оччоҕо мин остуору<й>алыым. — Ээ, күүгүнү абааһы көрөбүн ээ. — Дьэ оччоҕо күтүөппэр остуоруйалыым. — Дьэ остуоруйалаа, — диэн күтүөтэ көҥүллүүр. —Мэник оҕону мээнэ күүгүнэтэн киһини утуппакка. Саҥарды- ма-саҥардыма! Баһым-атаҕым ыалдьар*! 19 Кыыс остуоруйалыыр. — Бэйбэрикээн эмээхсин баар үһү, — диир, — биир кыыстаах үһү. Хара Хаан диэн ыаллаах үһү. Хара Хаан ыала Хараадын Мэргэн* диэн уоллаах үһү. Ол уолугар Бэйбэрикээн эмээхсин кыыһын ойох ылбыт үһү. Ол ылан баран сүгүннэрбит үһү. Сүгүннэрэн баран иһэн сүгүн барбатах үһү! «Тараҕана таайбар бардым», — диэн, соҕотохтуу суолу- нан ү<ү>рэн кээспит үһү. Ол үүрэн кээспитэ, ол суола Дьэгэ Баабаҕа илдьэн быраҕан кээспит. — Ээ, хотуой, күгүнээмэ! Баһым-атаҕым ыалдьар! — Төбөтүн быттыах буолан баран, уу түлээх оҥорон баран, чэҥ- нээх үөдэнигэр түһэрэн кээспит. Ийэхситтээх халлаан дьэллик бөрөтө ону ороон таһааран, Б/эйбэрикээн/ эм/ээхсиҥҥэ/ аҕалан биэрбит. Б/эйбэрикээн/ э/мээхсин/ биир кыыһын икки төгүл оҕолоон-иитэн, киһи гынан эрэр үһү. Онно ол оннугар ол дьахтар таҥаһын бэйэтэ таҥнан Дьэгэ Бааба ойох буолан барбыт. — Хотуой, үгүһү-элбэҕи күүгүнээмэ! Айыка-айыка! — Ол баран кийиит буола сылдьыбыт. Хаалдьын Мэргэн таҥаһын: «Уһул», — диэтэҕинэ, устубат үһү. «Ийэм ыйын эргэтэ бараныар дылы устаайаҕын диэбитэ», — диир үһү. Сирэйин* мае дьа<а>с<с>ынанан мааскаланан сылдьар үһү. Дьэ сымыйарҕаатаххына, ойоҕун сырайын саралыы тардан көр эрэ! 20 Ойон тура эккирээн, сырайын тириитин саралыы тардан көрө охсубут. Ол охсубута — суох-соҕотох тимир кэлиэ сырайыгар биир муус туналҕан харахтаах эбит. — Дьэ, тал эрэ: үҥүү-батас аһылыга гынабын дуу, кундул хаҥыл кутуругар холбуубун дуу?! — Дьэ кундул хаҥыл кутуругар холбоон көрүөҥ ини... Кундул хаҥыл кутуругар холбу<у>р. Сири сиксигинэн, хааллааны улаҕаатынан, муораны түгэҕинэн би<и>рдэ суох гына илдьи состорон кээһэр. Симэһинэ таммалаабыта — сиһик мае буолан хаалбыт, хаана таммалаабыта — хаахыр мае буолан хаалбыт, сыата таммалаабыта —
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2