Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

биэрэн, биэс тиҥэһэтиттэн үһүн биэрэн, д<ь>э чаастаан, баайдаан- тотто<о>н, ситэрэн-хоторон — д<ь>э сүгүннэрэр. 15 Сирин ортотугар тиийэн: — Бу сүөһүнү мин үүрэн барыым. Манна миэхэ Тараҕана та<а>йдарым бааллар, бу сүөһүлэри мин онно биэриэм. Эн бу манан көбүс-көнөтүк бара тур, аара мин ситэн ылыам. Ол ситэн ылан аргы- стаһан барыахпыт, — иннь<э> диэн баран, эньньэтин-сэтиитин үүрэн, ойоҕун соҕотохтуу айаннаан иһэр суолунан ыйан ыытан кээһэр. Бэйэтэ Тараҕана та<а>йдарыгар баран хаалар. 16 Баран хаалтын гэннэ били д<ь>ахтар суолун устун айанна<ан> намы<л>дьытан иһэр, намылдьытан иһэр. Эрэ буоллаҕына кэ- лиэ<х>чэ кэлбэт, кэлиэ<х>чэ кэлбэт*. Сүрдээх дириҥ баҕайы сыыры түһэн, кут<т>ал бөҕөнөн айан<н>аан, түһэн барда. Ол киирэн баран, сүрдээх инчэҕэй баҕайы сидьиҥ бадараанна<а>х суолунан түһэн ба­ ран истэ. Ол баран иһэн көрбүтэ: төбөтүн аҥаарын уот сиэн кээспит курдук эмээхсин мае мастаан лабайа турар эбит. Ол туран көрбүтэ (били эмээхсин кинини көрө<ө>т сүүрэн кэлэн, тэһиин тутан* сиэтэн тэлэкэчиттэ): балаҕан аҥаара балаҕаннаах эбит, оһох аҥаара оһохтоох эбит, күөс быһаҕаһа күөстээх<э>бит, хамыйах аҥаара ха- мыйахтаах эбит, кытыйа аҥаара кытыйалаах эбит. Үс бүгүлэх тимир иэһэр сэргэтигэр атын илдьэн баайан кээстэ. Ат үрдүттэн дьахтары түһэрэн дьиэтигэр көтөҕөн килэрдэ. Күөс быһаҕаһа күөһүн сулбу тар- дан ылла, таһылдьа тахсан барда. Тохтообут сиригэр торҕон бөрөнү улутта, сыынаҕалаабыт сиригэр сырҕан эһэни ыһытатта, балаҕан аҥаара балаҕанын анныттан бадарааннаах уутут<т>ан баһан ылан кутта, оһох аҥаара оһоҕор аҕалан олордо охсон кэбистэ. Биирдэ тэбэн эрдэҕинэ, эргитэ былаан биэрдэ, иккис тэбиитигэр таһаара көтүттэ. Ол гынан баран соҕотох атахтаах үс муннуктаах сөрүөстүгэс остуо- лугар, дьэ, хоторон өрөһөлөөтө. —Тукаам, кэл аһаа эрэ! Д<ь>э сыыллан-сы<ы>ллан кэлэн остуолга олордо. Төбөтүн оро- йунан д<ь>өлөҕөс дүлүҥ олоп<п>оһугар олотто. —Айан киһитэ ааспытыҥ-туорбутуҥ буолуо? Сылаа<с>тык сиэн кэбис, — диэтэ. Иньньэ диэн баран бу аһыы олордоҕуна: —Тукаам, баскын быттыым эрэ, — диэн баран, была<а>ттаах төбөтүн быһа тардан ылан, хайыы үйэҕэ быттаан барда. Баһын быт-

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2