Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
7 Ол баран сэттэ хонугу мэлдьи аһаабат да, сиэбэт да, саҥарбат [да], сыыҥын [да сыыҥтаабат], хараҕын да көрбөт, силин да силлээбэт. Хара Хаан ойоҕунаан кэлэн ааттыы сатаан кээһэллэр. — Эдэр киһи, баҕар куттаныахха айылааҕы көттүн* буолуо, үөрүөххэ айылааҕы көттүн буолуо. Эт да, тукаам! — дэһэллэр. Ааттаһыы бөҕө буолтугар: — Биэт<илимэ> алааһар, бэт хонуутугар олохтоох Бэйбэрикээн эмэ<э>х<син> баар эбит. — Ээ, баар. Ол биһи былыргаттан ыалбыт. Д<ь>э бэрди та көрбүт оҕобут, — диэн уолларын сүөргүлүүллэр. —Ол эмээхсин биир кыыстаах эбит! Харахпынан көрүөхпүттэн ыла ханна да көрө илик үчүгэй кыыһы көрдүм. Д<ь>э, баар эбит! Д<ь>э, арай, ол кыыһы миэхэҕэ д<ь>э хайдах гынаҥҥыт ойох ылан биэрэҕит?! — Ээ, д<ь>э. Б/эйбэрикээн/ кыыһын баҕас* ньачаас ылар буол- лахпыт дии! Икки бэрэмэдэй дэлби барарынан сыата-арыыта дэлби симэн таҕыс. Ол баҕайы таҥыннарар таҥаһа суох буолуо, сары<ы> гиэнин саамыылааҕын илд<ь>э таҕыс. Тугу гына олоруой? Бэйэтэ ти- гиэ! Тигэн баран, тэрийэн, уолларын ыытан кээһэллэр. Ол ыытан ба- раннар: —Мантан үс биэрэстэ сиргэ И<э>йэхсит сиэнэ Илэ Хара диэн киһи баар буолуо. Ону илдьэ баран дуруускалат. Ол киһи кэпсэтэн ба ран, сыанатын туох диирин, манна киирэн кэпсээтин, — диэн буолла. 8 Уол баран, Иэйэхсит сиэнэ уол<у> илдьэ барда. Таарыйа бултаан- алтаан, дөксө эбии ыҥыырдан, икки ат сиһэ тостуоҕунан ыҥыырдан таҕыстылар. Тахсан, Б/эйбэрикээн/ э/мээхсин/ саах балаҕана салы- бырыар дылы тоҥсуйан кэбистилэр. — Б/эйбэрикээн/ э/мээхсин/! Тахсан сирэйдээх хараххын көр- дөр, — диир И<э>йэхсит сиэнэ. —Аата, мин сирэйбин хаһан көрбөтөххүнүй? — Эмэ<э>хсин, таҕыс! Кэһиибитин аҕаллыбыт. Ону ылан сиэ! Биһи бултуу сылдьабыт. Хайаты<н> барытын ыныырда сылдьыахпы- тый? Эбэбэр, эйиэхэ* хаалларабыт, — диир уол. Эмээх<син> тахсар. Араас көтөр бөҕөнү аҕалбыттар. Ону баа- йыытын быһа тэбэн түһэрэн биэрэр. —Дьэ эн оҕолоох этиҥ, мин ону үнүрүүн кө<ө>ттүм. Ити оҕоҥ бэйэн оҕоҥ дуу, киһи оҕото дуу?
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2