Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

аны улуус кулубатыгар үҥсүөх<х>э. Барыах, ким<и> көссөбүт — ыйы- тыах, тылбытын хат сыаналатыах, туох ханнык иккистээх буолар баҕадьыта! — Дьэ, буоллар да буоллун, хат да сыаналатыах! — диир бора 10 Эккиэн* арҕыстаһан эмиэ баран истилэр. Ол истэхтэринэ, биир сиргэ бэт үтүө диэн чаҥкырыын араҕас бэккэ кырдьыбыт, ырбыт сыл- гы арҕый аҕай хаһан аһаан сордоно турар. Бу акка тиийэн кэлэн ба­ ран оҕонньор этэр: — Дьэ илэ Дьөһөҕөйүм оҕото, биһиги сытамматах дьон иһэбит. Бэт саастаах, үгүс элбэх эрэйи көрбүт кырдьаҕас киһи эбиккин, биһигини дьүүллэ<э>, тылбытын сыаналаа. Бу бөрө миигин баттаары гынна, быһыыта! — диэн баран, быһааран ииссээнин кэпсээн биэрдэ акка. 11 Ата маны истэн туран баран: — Ити бөрө сөпкө этэр эбит, икки атахтаах түөт атахтаах үтүөтүн билбэт. Оннооҕор бу мин оҥорбут үтүөбүн иччим билбэтэҕэ. Бастаан ат убаһа эрдэхпинэ булан баран, тииһэҥэ* ат буоларбын кытта мии- нэн, сырыы бөҕөнү сыдьдьан, айан бөҕөнү айаннаан, булт бөҕөнү бул- таан аата суох үгүс туһаны — үгүс көлөһүммүн — ылбыта миигинэн. Таһаҕаһы тардан — <миэхэ тиийэр> моойноох тиһэҥэ* суох этэ, сүүрэн — атахтаах тутуспатаҕа, киһи көрдүк эрдэхпинэ. Мин бу киһини байыппытым, үтүө ыал оҥоортум. Билигин миигинниин уон биэс аттаах. Ол аттары кытта бииргэ аһатар сиргэ. Ону ол кырдьан хаалбыт эрэйдээҕин, миигин, быһыта тэбиэлээн кырыыга анньан кэ- биһэллэр уонна от үтүөтүн барытын урут сиэн кэбиһэллэр, тиистээх- уостаах дьон урут, кинилэр. Инньэ гынан тииһим-уоһум бараммыт, кырдьыбыт-бодуорбут киһи мин астан мэлийэн хаалабын, хаары са- лаан сыдьдьабы<н>. Ону иччим аанньа ахтымына, миигин быыһаан аһаппат. Харахта синньэ диэммин, бу ханныгы эрэ хаһан аһыыбын өлбөт баҕатыгар, иччибиттэн туһунан арахсан баран, хоргутан-куту- руйан. Бөрө этэрэ сөп. Икки атах<таах> түөт атахтаах, түөт атах­ таах туохтаах да өҥөнү оҥооттун иһин билбэт*. 12 Дьэ бөрө дөксө ордук кыыһырар-абарар, дьэ сиэри гынар. Оҕонньор: — Сиэмэ да сиэмэ, буруйа суох киһибин, — диэн ааттаһар уонна этэр: — Чэ, туох ханнык үһүстээх буолар, үҥсүү даҕаны үһүстээх. Онон бастаан нэһилиэк кинээһигэр үҥүллэр, иккиһин буоллаҕына, онно табыллыбатаҕына, улуус кулубатыгар үҥсүөхтээхпит, онтон табыллы-

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2