Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
7 — Чэ буоллар да буоллун, дьоҥҥо да сыаналатыах даҕаны, — диэн баран, оҕонньордуун аргыстаһан баран иһэллэр. Арай бу баран иһэн көрдөхтөрүнэ, суол устун кинилэргэ утары биир сүрдээх үтүө ыт таҥхайа кырдьыбыта, баһын умсары тутан баран иһэр. — Дьэ эн бу элбэх хаары бараабыт, элбэх эрэйи-буруйу көрбүт кырдьаҕаскын, быһыыта. Эн тохтуу түһэн, бу биһигини дьүүллэ<э>, сытамматах* дьон иһэбит. Бу бөрө миигин баттаата! — диэн баран, сиһилии кэпсээн биэрэр ииссибиттэрин төрдүн. 8 Ыт саҥата суох толкуйдаан туран баран этэр: — Дьэ саамай сөп, түөт атахтаах оҥорбутун икки атахтаах хайа да күн хаһан да билбитэ суох. Ол холобура маннык. Бу мин бу сор- доно сыдьдьабын. Былыр оҕолоругар сүрдээх түгүнэс өлүүлээх ыал баара. Ол ыал оҕолоругар ымыы гынаары оҕону кытта миигин биир- гэ ииппиттэрэ. Бу оҕо улаатан истэҕин<э>, ийэлээх аҕата өлөн хаат- тара. Ону мин үөһэнэн көтөр кынаттааҕы быһа аһарбат, алларанан сүүрэр атахтааҕы быһа аһарбат кытыгырас булчут этим. Инньэ гынан көтөр кынаттаах эгэлгэтин, сүүрэр атахтаах эгэлгэтин таһан аһатан, бу оҕону ииппитим-аһаппытым* кыра эрдэҕинэ, улаҕан киһи оҥоор- тум. Онтон улахан киһи буолтун, дьиэлэммитин-уоттаммытын кэннэ хара тыа кылааннааҕын, сүүрэр атахтаах сүүмэрин бултааммын, ки- нини байытан, уот көрдүк отто ыал кэккэтигэр киллэрбитим. Аһыыр ас, таҥнар таҥас киниэхэ баар буолта. Ол билигин буоллаҕына: «Бу кырыйда-буорайда, аны туһатыттан ааста», — диэн аһаппат-сиэппэт буолан хаалла. Кини санаалаах кэр- гэн ааҕа тобулута сынньаллар, дьиэҕэ көрбөттөр. Бэл оннооҕор мин үтүөбүн билбэтэ кини. Бастаан мин кинини киһи оҥооттум. Онтон, онтон отто ыал оҥордум, ону билбэтэ, кини миигин көмүскээбэт*, харыһыйбат. Инньэ гынан хоргутан бу атах мээнэ баран иһэбин, бу- катын арахсан. «Дьолбор-соргубар, баҕар, туох эмэ булт түбэһээрэй, туох эмэ иннибэр тосҕойон биэрээр<эй>, — диэн. — Эбэтэр ханна тийэн өлөбүн дуу?» — диэн. Онон икки атахтаах түөт атахтаах үтүөтүн билбэт, Бөрө сөпкө этэр эбит, — диэн баран аргыый аҕай ааһа ту- рар. 9 — Мин кыдьдьыгым таҕыста, чэ, сиибин, үгүһү элбэҕи сан-ар ба*! — диэн баран, бөрө сиэри кириэтиир оҕонньору. Оҕонньор эмиэ көрдөһөр: — Хара тыа адьырҕата, бэйэҥ үҕүһү-элбэҕи билэр кырдьаҕас киһи буоллаҕыҥ. Онон нэһилиэк кинээһигэр үҥсэн баран, улуус кулубаты- гар үҥсүллэр. Онон, холобур ыт биһиэхэ нэһилиэк кинээһэ буоллаҕа,
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2