Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
уонна ыйыттахтарына: «Бөрөнү билбэтим», — диэн мэдьдьэһэн кэ- бис. 5 — Дьэ сөп, буоллун, — диир оҕонньор уонна санныттан хаатын түһэрэн, тиһигин сүөрэн, хаа айаҕын атытан биэрэр бөрөҕө. Бөрө хааҕа иһигэр киирэн халаачыктанан, түүрүллэн-түүрүллэн баран, сы- тан кэбиһэр. Ону оҕонньор тиһэн баран (торҕоннообут бөрөҕө туох баар буолуой, толору от<ут> муунта суох эбит, быһыыта) тулуппакка сүгэн кэбиһэр уонна тайахтанан баран, бара<н> иһэр. Онно өр гым- макка эрэ тоҕус ат, тоҕус киһи, бөрөнү эккирэтэн иһэр дьоннор, си- тэн тиийэн кэлэллэр уонна оҕонньортон ый<ы>таллар: — Хайа, оҕонньор, бөрөнү көрдүҥ дуо, хайа диэки барда? Бу эк- кирэппиппит тоҕус түүннээх күн буолла! Оҕонньордоро өс саҕа буолар: — Суох, бөрөнү көрбөтүм*. Бөрөлөөххүт эрэ туохтааххыт, бу дьүһүннэнэн иһэр киһи тугу көрүөмүй, бэйэм умналаан сордон<он>, нэһиилэ тайаҕынан тэптэрэн иһэр киһи? — Ээ, дьэ оччоҕо бу кэннибитигэр хаалбыт куруҥар туораан хаал- бытын көрбөтөх буоллахпыт, оччоҕо бургуйбут буоллаҕа. Чэ, төннүө- ҕүҥ* кэбис! — дэһэн баран, аттары эргитилиннэри тардан баран, көтүтэ тураллар төттөрү. 6 Оҕонньор билии дьон көстүбэт буолалларын кытары, хаатын сан ныттан түһэрэн, тиһигин сүөрэн, бөрөтүн таҕаарар уонна этэр: — Чэ, эйигин өлөргүттэн быыһаатым, үтүө оннугар — үтүө. Бөрөтө дөксө ордук сиэри гынар, дөксө ордук кыыһырыы бөҕөнү кыыһырбыт, абарыы бөҕөнү абарбыт. — Икки атахтаах таах түөрт атахтаах оҥорбут үтүөтүн сааһын тоҕору билбитэ диэн суох! Оннооҕор буолуох үтүөнү оҥортордо ини, ол гынан баран биирдэ да билбэт, онон мин эйигин сиибин хайаан да, — диир тыллаах киһи буолла. Оҕонньор ааттаһан хара сор буолар: — Сиэмэ да сиэмэ! Туох буруйбар сиигин? — диэн. Дьэ ону биирдэрэ: — Сиибин да сиибин, билигин дьэ сиэҕим, — диэн буолбут. Онтон оҕонньор туран этэр бу курдук диэн: — Кэбис, эн биһи үҥсүөх, дьоҥҥо сыаналатыах, эн миигин бат- таатыҥ, төһө эмэ үтүөнү оҥорторон бараҥҥын, үрүҥ тыыҥҥын өрүһүйбүтүм кэннэ. Чэ барыах, кими көссөбүт да дьүүллэтиэхпит!
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2