Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Күөрт ыт күөкэрис, Аҕыс баҕана адаарыс, Тойон өһүө тоҥхос, Биэс ынах бэриэнньик, — диэн. Биир киэһээҥи итинник бүппүт. 3 Онтон буоллаҕына, сарсынын киэһэтигэр, ынаҕын илдьэн эҥин- нээн баран, иккис киэһээтигэр эмиэ киирбит. — Хайа, ыалым олоҥхолоо эрэ, — диэбит. Ону буоллаҕына, эмиэ бээһээ киэһээҥҥитин курдук ис хоһоон- ноон: — Тээллэй эмээхсин тэллэрис, Кунаак кыыс куҥкус, Күөрт ыт күөкэрис, Аҕыс баҕана адаарыс, Тойон өһүө тоҥхос, Биэс ынах бэриэнньик, — диэбит. 4 Иккис хонугун утуйан баран эмиэ кэлбит үһүс киэһэтигэр. Онно эмиэ эмээхсинэ эппит: — Хайа, олоҥхолуугун дуо бу киэһэ эмиэ? — диэбит. — Олоҥхолоон, олоҥхолоон ынах биэрэр буоллаххына, — диэ бит. — Тээллэй эмээхсин тэллэрис, Кунаак кыыс куҥкус, Күөрт ыт күөкэрис, Аҕыс баҕана адаарыс, Тойон өһүө тоҥхос, Биэс ынах бэриэнньик, — диэн үһүс* ынаҕын илдьэн, дьиэти- гэр баран хаалар. 5 Онтон эмиэ төннөн кэлэр ол киэһэ. Тээлэй эмээхсин этэр: — Олоҥхолоо эрэ, — диир. Ону буоллаҕына: — Олоҥхолуубун, ынах биэрэр буоллаххына, — диир. — Ээ, биэриэм, биэриэм, — диир. — Тээллэй эмээхсин тэллэрис, Кунаак кыыс куҥкус, Күөрт ыт күөкэрис, Аҕыс баҕана адаарыс, Тойон өһүө тоҥхос,
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2