Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

— Сытыйдым-сытыйдым! Тахсан киирэн (таһааран) кэбис, — диэбит чыычаах, маҥыс иЪин дьөлө тарбыы-тарбыы. — Сууй-йэ! Кириэһин иҥин-иҥин тыллаах абааһы! — диэн, тах­ сан киирэн кэбиспит төнүргэс төрдүгэр. 4 — Маҥыс-маҥыс ыта, кэлэн сиэ! Хатан хаалаары гынным, — диэбит чыычаах. Ыт кэлэн, биирдэ ыйыстан кэбиспит. —Маҥыс-маҥыс ыта, сытыйдым! Таһааран кэбис, — диэбит чыы­ чаах, ыт иһигэр сытан. Маны ыт төҥүргэс төрдүгэр тахсан киирэн кэбиспит. — Айыыта суох бэрт буолар ибит! Бу аныаха дили сырдыгы (күнү) көрө сыттаҕым! — диэн, хараҕын кылаччы көрө сыппыт. 5 — Сууй-йэ! Кириэһин, иҥин-иҥин тыллаах абааһы! Бэйэ, мин эйигин тутуугун тутуом, — диэн, маҥыс бүтүн арбайы төрүттэри баҕастары түөрэ тардан ылан, күүһүн муҥунан түһэрбит ыт киитин төбөтүн үүтүн4 устун. Онуоха ол ыт киитэ үлтү баран, халлаан түөрт муҥнугар «чалып (чачып)» диэн («чып-чап» гынан), көтөр иҥин5 арааһынайа буолан — көппүт үһү. Маҥыс халлааны көрөн баран: — Кириэһин, иҥин-иҥин буолар абааһы! — диэн хаалбыт үһү6. 10. ТЭЭЛЛЭЙ ЭМЭЭХСИН 1 Былыр биһиги Сахабыт сиригэр киһи-сүөһү кэнэнин эрдэҕинэ, Тээллэй эмээхсин диэн олорбута эбитэ үһү. Биир кунаак кыыстаах, күөрт ыттаах, биэс ынахтаах, саһылыкаан албын диэн ыаллаах эбит. 2 Биирдэ Тээллэй эмээхсиҥҥэ хоно кэлбит. Ол хоно кэлбитигэр Тээллэй эмээхсин: — Ыалым, саһылыкаан албын, олоҥхолоо эрэ, — диэбит. Ону буоллаҕына: — Биир ынаххын биэрэр буоллаххына олоҥхолуом этэ, — диэ­ бит. — Дьэ биэриэҕим, олоҥхолоо, — диэбит. Онно бу курдук олоҥхолообут: — Тээллэй эмээхсин тэллэрис, Кунаак кыыс куҥкус,

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2