Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

1 Саһыл биир уһаат лыыбалаах, туруйа биир тымтай хайахтаах. Саһыл биир уһааттаах лыыбатын уөллээн иһэллэр. Биирдэ саһыл үөрэтин үөллээн баран, таһырдьа ньылырыс гынан хаалар. Туруйа кэкэрдээн туран, үөрэтин иһэн баран, утуйан хаалар. Сассыарда* ту- ран, туруйа уотун оттон эрдэҕинэ, саһыл ньылырыс гына түһэр. Туруйа: — Хайа, саһыал, ханна бара сырыттыҥ? Саһыл: — Харах Хаан улахан киниитэ* төрүөн* көтөҕөөччү-баабыскаһыт буола сырыттым. Туруйа этэр: — Тугу олордо? Саһыл: — Ээй, кыыс. Туруйа: — Аата ким буолла? Саһыл: — Ортолоон-Ортолоон Огдооччуйа буолла. 2 Нөҥүө киэһэ саһыл үөрэтин үөллээн, оҥорон баран, таһырдьа ньылырыс гынан хаалар. Туруйа кэкэрдээн туран, үөрэтин иһэн ба­ ран, утуйан хаалар. Сассыарда туран, уотун оттон эрдэҕинэ, саһыл ньылырыс гына түһэр. Туруйа: — Хайа, саһыал, ханна бара сырыттыҥ? Саһыл: — Ээй, Харах Хаан орто киниитэ төрүөн, көтөҕөөччү-баабыс- каһыт буола сырыттым. — Хайа тугу төрүөтэ? — туруйа этэр. — Ээ, кыыс, — саһыл туран. — Аата ким буолла? — туруйа этэр. Саһыл туран: — Сик-Сик Сиксиллээйи буолла. 3 Киэһэ саһыл үөрэтин үөллээн, оҥорон баран, таһырдьа ньылырыс гынан хаалар. Сассыарда туруйа туран, уотун оттон эрдэҕинэ, саһыл ньылырыс гына түһэр. Туруйа: — Хайа, саһыал, ханна бара сырыттыҥ?

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2