Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
— Мин саамай улаханнык ити дулҕа быыһыттан «ньаас» диэн баран көтөр кыылтан* куттанабын уонна туохтан да куттаммап- пын, — диир эһэ. — Сөп. Мин саамай улаханнык куттанабын икки атаҕынан хаа- мар туора харахтаах кыылтан*, — диир саһыл. — Оо! Улаата, куттаныах сир баппатаҕа. Туора харах мин уруум эбээт. Аан мангнай мин туора харах этим, онтон эһэ буолтум, — диир эһэ. 5 Саһыл туран эһэни күлүү гынар: — Кирдьик, эн туора харахха майгылыыгын: баадаҥнаан уонна киҥиҥ да бэт, онон миигин өлөрөн кэбиһиэҥ, — диир. — Мин тылбыттан таҕыстаххына, кирдьик да, өлөрүөм. Сэрэнэр буол, — диэбит эһэ. — Чэ эрэ, эһэ! Эн туора харахтан куттаммат эбиккин. Бииринэн, уруун, онон туора харахтары, хайа баҕарар күүскүнэн да, албаскынан да кыайар кыахтааххын. Онтон мин туора харахтан куттанабын. Эн туора харахтары бултаа. Мин буоллар эн куттанар «ньаас» диэччини бултаһыам. Хайабыт элбэҕи бултуур эбит, — диир саһыл. — Саамай сөпкө эттиҥ, саһыл. «Ньаас» диэччини элбэҕи бултаа- таххына, миэхэ куттал аҕыйыыр. Оттон мин туора хараҕы бултаатах- пына, эйиэхэ да, миэхэ да куттал эмиэ аҕыйыыр. Хата, эн баҕайы хаһан «ньаас» диэччини бултуур үһүгүөн! Мин буоллар соруннарбын эрэ быраап, бултуур киһи буолуом, — диир эһэ. Ол курдук сүбэлэһэллэр, сүбэлэрин түмүгэр: аны тоҕус хонугунан бу миэстэҕэ көрсүөх буолаллар. Иккиэн икки аҥыы бултуу арахсал- лар. 6 Эһэ туора хараҕы бултуу барабын диэн, ол күнүгэр туора харахха бултатан, бултуохтааҕар бэйэтэ бултатар. Оттон саһыл буоллар «ньаас» диэччини бирээмэ биир сүүһү бултуур. Тоҕус хонуга ситэн, эһэтин көрсүтөх буолбут сиригэр кэлбитэ — эһэтэ бүгүн да суох. Күүтэр, күүтэр, эһэтэ мэлигир да мэлигир. Онтон туран саһыл эһэтин суолун суоллуур. Эһэтин туора харах өлөрбүтүн билэн-көрөн баран, эһэ уҥуоҕун үрдүгэр ииктээн кэбиһэр. Онно биир эһэ көрөн турар эбит. Ол эһэ саһылга өстүйбүт. Онтон ыла саһыл- лаах эһэ доҕордоһуулара бүппүтэ үһү.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2