Кузьмина Е. Н., Указатель типических мест героического эпоса народов Сибири (алтайцев, бурят, тувинцев, хакасов, шорцев, якутов), 2005

Ол кэнниттэн Хаҥкыйар хаалдьыгар дылы Харыады маҥаас ат сылгы Туе иннигэр кэлэн туран, Тойуктаах-ырыалаах Буола турбута эбит үһү. (Ноо!) (Ат ырыата:) «Анньы-ыһаҕы, анньыһаҕы Эминэ баҕас тугуйбуна, 4480 Хаҥкыйаахтыыр хаалдьыгар дылы Харыадына маҥааспына аттардаахый Хапыадьылаан Бэргэмминэ Тускулардаах бэйэлэргэр Тоҥнууруга күөннэриккэр Доро-обуйа буоллунугуй! Анньы-ыһаҕы, анньыһаҕы! Эминэ да тугуйбуна, Туохтаах буолан тойугурдуҥ, Ханныктардаах буолуталаан, 4490 Саҥа баҕас аллайаҥҥын Алтан чуораан айахтаргын * Амалыйдыҥ диэхийиктээн, Ыйыппалыыр буолларгын да, Чэйиий, нойоон, Эннииригэ бэйэлэрдээх киһикээни Утарыта көрүтэлээн, Уоннууруга хонуктарга Утарыта туруталыыр Аҕыйаҕа буолуо, нойон, 4500 Алларааны дойдукайым Арсан дьааман айахтардаах, Далан хапсыыр далаҕайдаах Ааттаах бииһин уустарыгар Албаһыгар хаптарыаҕыҥ, Ону баҕас сэрэнээриий. Нойоннуура уолчааным, Тэргэн куйаар кулгаахпынан Онтон-мантан Оттуур-мастыыр иччититтэн 4510 Иститэлээн турардаахпын. Сарыадыман Куокаллалыыр барахеаны Алларааҥҥы дойдуларга Уоран-талаан барыталаан, Олохторун олоҕой-солоҕой туппуттара. Туппуттара дииллэр этэ. Онон баҕас Оттордоохуй оронугар Олороруҥ саарбах буолуо. Сэптиир курдук сэрэнээхтээр, 4520 Охтуур курдук оҥостоохтоор, Чэйиий, нойоон, Оллуур кимий диэтэххинэ,

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2