Кузьмина Е. Н., Указатель типических мест героического эпоса народов Сибири (алтайцев, бурят, тувинцев, хакасов, шорцев, якутов), 2005
Анньыһаҕы! Эминэ да тугуйбуна, Барбыт бөҕө баһыллыбат, Куоппут бөҕө сомсуллубат дойдутугар Аҕыспына хараҕалаах Аанныыр хайа Суоллуур ийэни Арҕастаары тураахтыыгын, 820 Тоҕуспуна тоҕойдордоох Суоллуур ийэни Тобулаары тураахтыыгын, Чэйиий, нойоон, Аанныыр ийэ дойдуларын Алгыстарын ылыталаа. Туруу дойдуҥ Тумаралыыр дьэлликпинэ, Толоотторуҥ иччилэрин Тоһоҕолоох алгыстарын 830 Тоҥолоххор иилииниий. Анньыһаҕы, Анньыһаҕы, Анньыһаҕы! Чэйиий, нойоон, Минниир диэтэх Соноҕостой сылгыбынаҥ Үллэр үйэм устатыгар Үстүүр төгүл Киһилии да кэпсэтэбин, 840 Сахалыы да саҥарталыыр идэлээхпин. Минниир диэтэх сылгыбынаҥ Туойарбына торҕо туурай хоһоонукпун Тоҕус үүттээх долоҕойгор Чопчу тутар буолаахыйдаар, Кэнэҕэһин кэҥэҕэс да, Сэрэнээхтээ-сэрэнээхтээ. Анньыһах, Анньыһаҕым, Анньыһаҕым. 850 Ытык тылбын ылынаарыый, Кэриэс тылбын кэһимээриий, Чэйиий», — дии турбута. (Ноо!) Ат сылгыта Ити курдук саҥарбытын Кэлин өттүттэн Өйдөөн-дьүүллээн арай санаабыта: Аал уотугар Ас кээспэтэх эбит, Күөх уотугар 860 Көйүү кымыһынан Күөмэйдээбэтэх эбит.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2