Кузьмина Е. Н., Указатель типических мест героического эпоса народов Сибири (алтайцев, бурят, тувинцев, хакасов, шорцев, якутов), 2005

Ойон туран эккирээн Түөһун толору тыынан, Имэ тэтэрэн 2300 Уоһун хаана кэйэн Ойон тура эккирээбитэ. (Эр Соҕотох, стк. 2284—2301) Як. ІІ.А.19.3 Хаппар куҥун хайа анньан ылан, Өлбөт мэҥэ уутун сүүрдэн ылан, Таһын онунуохтаммыта, Иһин эмтэммитэ. Ол кэнниттэн Урукку бэйэтинээҕэр 3120 Уон оччо буолан, Ойон тура эккирээбитэ даҕаны.. (Эр Соҕотох, стк. 3114—3121) ІІ.А.20. ГЕРОИЧЕСКОЕ СВАТОВСТВО ІІ.А.20В. Отъезд с невестой, путь домой Як. ІІ.А.20В.1 6240 Кэлин өттугэр Харыады маҥааас аттаах Харыадьылаан Бэргэн, Босхо хара тыаны Мсюйдоох баһынан куотар Моҕул кугас аттаах Модун Эр Соҕотох Дойдутугар тиийэн Олорор былааннаах, Ол үөрүүтүн-көтүүтүн 6250 Атааран бараннар, Хоойго сытар Холоонноох доҕорун, Тэллэххэ сытар Тэҥнээх атаһын Кыыс Сарыадыман Куону Мэҥэстэн баран, Адаҕыйбыт аан дойдутугар, Торолуйбут туруу дойдутугар, Босхо хара тыаны 6260 Мсюйдоох баһынан куотар Моҕул кугас аттах Модун Эр Соҕотох Алааһыгар тиийэ биэрбитэ.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2