Кузьмина Е. Н., Указатель типических мест героического эпоса народов Сибири (алтайцев, бурят, тувинцев, хакасов, шорцев, якутов), 2005
II.А. 146. Вызов на бой, условия борьбы Як. Н.А.146.1 1250 Бу утуйан тыылла сытар киһини Өлөрөн-өһөрөн бардахпына, Куһаҕан буолуо диэн Отут көстөөх сиринэн Уһуутаан охсуллар Дьэс туруут уот илбис Сытыы кылыс болотунан Сурэҕин туһунан тирээн туран, Субу курдук диэн Тойуктаах буола турбута. (Модун Эр Соҕотох:) 1260 «Дьэ-э! Таас Дьаантаар Дара Буурай, Кулгун кулэ-кулэ буккуйоҕум, Көмөргун үөрэ-уөрэ кыыбахтыаҕым. Чэйиий, нойоон, Уһукта охсууй, Ким бэйэлээх Киһи кэллиҥ диэтэрги-ин, Босхо хара тыаны-ы Моойдоох баһынан куотар 1270 Моҕул кугас аттаах Модун Эр Соҕотох Тиийэн кэллим. Өлөр сиргин өйдөө, Охтор сиргин оҥоһун, Үрүҥ тыыҥҥын быһарым буолла, Чэйиий», — диэбитэ. (Эр Соҕотох, стк. 1250—1276) Як. ІІ.А.146.2 Онно тиийэн Отут куннуктээх сиргэ Уһуутаан охсуллар Дьэс туруут 2010 Сытыы кылыс болотунан Сүрэҕин туһунан тирээн туран, Субу курдук диэн тойуктаах, Сити курдук диэн кэпсэллээх Буола турбута эбитэ үһү. (Көмүс Кыырыктай:) «Дьэ-һэ-һэ! Таас Дьаантаар Дара Буурай, Түүҥҥү сырыылаах Түүлээх уллуҥах, Күнүскү ороспуой, 2020 Хааннаах айах, Хара түокүн,
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2