Кузьмина Е. Н., Указатель типических мест героического эпоса народов Сибири (алтайцев, бурят, тувинцев, хакасов, шорцев, якутов), 2005
2680 Дьулуо маҥан халлааҥҥа Соҕотохто субурус гынан хаалла... (Кыыс Дэбилийэ, стк. 2675—2681) Як. П.А.126.5 ...Үҥкүрүс-куөһэлис гына түспүттэрин Өйдөөн көрдөххө — Кыыс Дэбилийэ Бухатыыр 3050 Үс бастаах, Өрүөллээх сүүстээх Өндөлүйэр Өксөкү кыыл буолан, Өрө көтөн күпсүйдэ, Аан Ахталыйа, Атара кутурук Алтан сабарай, Дайбыыр дьаҕыл, Хомпоруун Хотой кыыл буолан, Хотоҕойо куһугураата; 3060 Чугдаан Бухатыыр Киҥкиниир киэҥ халлаан Кэй Суорун кыыла буолан, Кэннилэриттэн эндэйбитинэн барда. (Кыыс Дэбилийэ, стк. 3047—3063) Як. 11.А.126.6 ...Уу хорҕолдьун буолан, Унньулус гынан хаалаат, Күндү түүлээх, Көмүс өҥнөөх, Күөрэйэн көтөр күөкэгэр моойноох Көлүөс чыычаах буолан, Күндүл халлааныгар 3590 Тэлибирээн-тэлээрэн, Тэмтэйэ көтө турбута. (Кыыс Дэбилийэ, стк. 3583—3591) Як. II.А. 126.7 Уола сэбирдэхтээҕэр чэпчикитик, 3930 Түүтээҕэр түргэнник Көмүс чыычаах буолан, Күндүл халлаан Көмөгөйүн туһулаан Көтөн туйаара турбута. (Кыыс Дэбилийэ, стк. 3929—3934) Як. ІІ.А.126.8 ...Үҥкүрүс-күөһэлис гына түстэ да, Ырыалаах кынаттаах, Эгэлгэлээх эрдийэлээх, Хоһоонноох хотоҕойдоох,
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2