Кузьмина Е. Н., Указатель типических мест героического эпоса народов Сибири (алтайцев, бурят, тувинцев, хакасов, шорцев, якутов), 2005
3660 «Ким-хайа кэлэн Эттиҥ диэтэргин — Кыталык элэмэс атыырдаах, Дьэллик элэмэс биэлээх Сырдык дьүүлү сыаналаан ырыппыт Чымарыттар Дьылҕа Хаан Тойон Этэр тылын эҕиргэнэ, Саҥарар саҥатын сатата буолбут Суруктаах соҕуруу халлаан уола Солук Баатыр диэммин». (Кыыс Дэбилийэ, стк. 3660—3669) Як. П.А.8а.5 «Дом! Дом! Дом! 4200 Уруйум-айхалым! Аан-Арчым! Ким-хайа кэллэ диэтэргит — Үуттээх таас олбохтоох, Үс хос муөҥу көмус чынчалаах Үрүҥ Аар Тойон оҕонньор Сүргүөрдээҕин сүүнэтэ, Арчылааҕын албана Аҕыс былас соһуохтаах Айталыын удаҕан диэммин!» (Кыыс Дэбилийэ, стк. 4199—4209) Як. II.А.8а.6 «Ким-хайа кэпсээтэ диэтэргин — Кыыда маҥан халлааҥҥа үөскээбит Кыыс Дэбилийэ Бухатыыр диэммин!» (Кыыс Дэбилийэ, стк. 4325—4327) Як. ІІ.А.8а.7 «Дом, дом силик буоллунууй, Айхалбына-дьаралык! Ээй, ээй! Оой, оой! Сир Сабыйа Баайдыырбына Тойоммуна оҕонньор, Этэрбинэ эттиир нуурай тылларбын 350 Истэ баҕас кэрэхсээриий, нойонум, Хантан хааннаах, Туохтан туймуулаах, Киһи кэлэн Кэпсэл баҕас кэпсээтиҥ диэҕийиктээн Ыйыппалыыр буолларгын, Үөһээ халлаан дьомньута Айыы Дьаргыл удаҕан диэн Тиийтэлээн кэллим баҕас, оҕолоор!»
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2