Кузьмина Е. Н., Указатель типических мест героического эпоса народов Сибири (алтайцев, бурят, тувинцев, хакасов, шорцев, якутов), 2005
Көй уорук, Күндүл мае балаҕан Күндээрэн көһүннэ. ...Сиртэн ситии саҕа 2150 Ситимэ көстүбэт, Халлаантан сап саҕа Тардылыга таайыллыбат, Орто дайдыттан От саҕа тутулуга суох Үс күөгэйэр Күлэр дьэллик күлүүскэ Үктэллэнэн үөскээбитэ биллибэт, Көстөөх сиртэн көстөр Күндү таас күөрэҥсэ ордуу 2160 Күлүмүрдээн көһүннэ. (Кыыс Дэбилийэ, стк. 2149—2160) Як. 1.4.5 ...Үс күннүк сиртэн Күлүмүрдээн көстөр Көҥдөй уорук балаҕан 4380 Күндээрэн көһүннэ. (Кыыс Дэбилийэ, стк. 4377—4380) Як. 1.4.6 ...Кэтэҕэрии [н] олорор киһи 4430 Кэҕэ саҕа буолуох, Уҥа диэки олорор киһи Улар саҕа буолуох, Суол ааныгар олорор киһи Суор саҕа буолуох, Хаҥас диэки олорор киһи Хабдьы саҕа буолуох, Оһуордаах оронноох, Чуллурууттаах чуулааннаах, Хайырҕастаах хаппахчылаах, 4440 Алта хос алыннаах, Үс хос үрүттээх, Сэттэ хос эркиннээх, Баараҕай баҕаналаах, Чиркэ тирээбиллээх, Дьоһун тулааһыннаах Ордуу киэнэ улахана-урана Мае хамыйаҕыттан Саар иһитигэр тиийэ тэриллэн, Оҥоһуллубут эбит.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2