Кузьмина Е. Н., Указатель типических мест героического эпоса народов Сибири (алтайцев, бурят, тувинцев, хакасов, шорцев, якутов), 2005

Үргүйэн түһүө диэн Үс хос үрүн көмүс Үрүттээх эбит; Кэлэр-барар көй салгын Көнүгэ сынньан барыаҕа диэн Түөрт хос көҥдөй көмүс холлоҕостоох эбит; Былыргы киһи оҕото буолан, 280 Түөрт уон түөрт Сулууда таас түннүктээх эбит, Айгырыа диэн аҕыс уон Адаардаах тиит баҕаналаах, Силигириэ диэн сэттэ уон Силиргэхтээх тиит тирээбиллээх; Толугуруо диэн тоҕус уон Тоҥ тиит тулааһыннаах эбит. — Сэттэ сииктээх, отут уорҕалаах Көнньүнэн көрүлүүр көҥдөй көмүс 290 Уоруктаах кипи эбит. Хатыҥнаах алаас курдук Хаҥас оронноох, Билиилээх алаас курдук Биллириктээх, Киэҥ алаас курдук Кэтэҕэриин оронноох, Уһун алаас курдук Уҥуо оронноох... (Кулун Куллустуур, стк. 264—298) Як. 1.4.2 320 Хаҥас диэки турар киһи Хараҥаччы саҕа буолан көстөр, Уҥуо диэки турар киһи Улар саҕа буолан көстөр, Кэтэҕэриин [диэки] турар киһи Кэҕэ саҕа буолан көстөр, Суол айаҕын диэки турар киһи Суор саҕа буолан көстөр. Маннык кэҥкэбэлээх киэҥ маҥан уорукка Үөскээбит киһи эбит. (Кулун Куллустуур, стк. 320—329) Як. 1.4.3 Үөһээ диэки өттүн Өрүһүйэ баттаан көөртөрө, — Кыталык кыыл Кырыйа көтөн, Кытыытын булбатах Кылбаарыйар кырдалын 1100 Дьуларыйар оройугар, Туйгуттуур уорҕатыгар Үс күннүк сиртэн Күлүмүрдээн көстөр

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2