Кузьмина Е. Н., Указатель типических мест героического эпоса народов Сибири (алтайцев, бурят, тувинцев, хакасов, шорцев, якутов), 2005
Хотоҕойун түүтүн 170 Холбуу туппут курдук Хохудал хара тыалар Хойдон үүнэн киирбиттэр эбит. (Ноо!) Илин өттүн Эргитэ көрөн кээспитим, Эрдэҕэс көтөрүм Түөһүн түүтүн Кэккэлэччи туппут курдук Эргис хара тыалар Эргийэ үүнэн киирбиттэр эбит. 180 Соҕуруу өттүн Эргитэ көрөн кээспитим, Сур сылгым Сургунньаҕын түүтүн Субуруччу туппут курдук Суһал хара тыалар Субуруһан үүнэн киирбиттэр эбит. (Эр Соҕотох, стк. 159—186) Як. 1.2.7 ...Туруйа көтөр Тохтоон тэһийэн олорботох Тумара дьэллик Толооннордоох эбит. Куба көтөрүм Тохтоон ааһар Холбороҥ маҥан Хонуулардаах эбит. 220 Борон куобах Буккулла оонньуур Буодарай таас Булгунньахтрдаах эбит. (Эр Соҕотох, стк. 212—223) Як. 1.2.8 Кэлтэгэй куннээх, Кэлтэгэй ыйдаах, Хороҥнуу сүүрбүт хомурдуостаах, Өрөҥнүү сүүрбүт үөннээх, Кылыйа сүүрбүт кымырдаҕастаах, Сүөдэйэ сүүрбүт сөһүөккэлээх, Арбайа сүүрбүт абааһылаах 1010 Дойдуга тиийэн кэлбитэ. (Эр Соҕотох, стк. 1003—1010) Ол курдук Адаҕыйбыт аан дойдуларыгар,
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2