Кузьмина Е. Н., Указатель типических мест героического эпоса народов Сибири (алтайцев, бурят, тувинцев, хакасов, шорцев, якутов), 2005

Аҕа бараан д о й д у б у н Аан бастаан соҕурдук Айан испиттэр эбит; Сэттэ иилээх-саҕалаах, Сэттэ биттэхтээх Сир ийэ аан дойдубун Сэттэ сиикэй муоранан сиксиктээннэр Ситэрэн-ханаран испиттэр эбит; (Ноо!) 110 Тоҕус иилээх-саҕалаах Тоҕус биттэхтээх Тоҕус тоҥмот муора улаҕалаах Туруу чоҕой хара буорбун сол курдук Туруоран испиттэр эбит. (Ноо!) Аан ийэ дойдубун Охтон баранар мастааннар, Уолан суоруйар уулааннар, Ороһулаан төрүүр киһилээннэр, Оккураҥнаан төннөр суөһулээннэр, 120 Орто аан ийэ дойдубун Айар күннэригэр Күндүл салгыҥҥа Көпсөлөнө оонньуур Көй салгын болбуоттаах. Күнду нүөлсүн түүлээх Көтөр кынаттааҕынан Дьөһүөлдьүттээбиттэр эбит. Түөрт атаҕынан төгүллээн-чүөмчүлээн хаамар Түөрт атахтааҕынан 130 Төгүллээн үөскэппиттэр эбит. (Ноо !) Аан ийэ дойдубун Аан бастаан айар күннэригэр Аҕыс иилээх-саҕалаах Атааннаах-мөҥүөннээх Айгырдаах силиктээх Аҕа бараан дойдубун Сол курдук айбыттар эбит. (Эр Соҕотох, стк. 27—137) 1.2. ЗЕМЛЯ БОГАТЫРЕЙ И ИХ ПРОТИВНИКОВ Як. 1.2.1 Тоҕус суман манаас туруйа кыыл Тоҕус сылы мэлдьи тула көтөн Тулатын булбатах Туман м акан дойдуга, Аҕыс тыһы маҥан кыталык кыыл Аҕыс сылы мэлдьи кырыйа көтөн Кытыытын булбатах Кылба м ак ан дойдуга 150 Иитиллэн тэриллэн

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2