Кузьмина Е. Н., Указатель типических мест героического эпоса народов Сибири (алтайцев, бурят, тувинцев, хакасов, шорцев, якутов), 2005

Силиһинэн силбиэһиннээннэр, Отунан оскуомалааннар, Маһынан бааччыйаннар, Хардаҥ эһэ арҕах хастар Халыҥ хара тыалааннар, Анабы тайах арҕастар Адаар хара тыалааннар, Аан ийэ дойдубун сол курдук 60 Айан испиттэр эбит. Ол курдук Охтон баранар мастаах, Уолан суоруйар уулаах, Хараан төннөр кэҕэлээх, Ханчылаан төннөр балыктаах, Хагдарыйан төннөр мутукчалаах, Олкураннаан төннөр сүөһүлээх, Оропулаан төрүүр киһилээх Орто туру аан ийэ дойдубун 70 Сол курдук Онорон-тутан испиттэр эбит. (Ноо!) Кистэлэҥэ биллибэт Киҥкиниир киэҥ халлааммын Үллэн-тохтон түһүө диэннэр, Үргэл тойонунан өһүөлээбиттэр. Ыллан-хайдан түһүө диэннэр, Ый тойонунан ытаһалааннар, Көллөн-тохтон түһүө диэннэр, Кун тойонунан көлөһөлөөннөр, 80 Тахсар күммүн Далбарай чыычааҕынан чаһыылааннар, Киирэр күммүн Күөрэгэй чыычааҕынан дьөһүөлдьүттээннэр, Хардастыгас уҥуохтаахтар, Хаара харахтаахтар Харах ыарыһах буолуохтара диэннэр, Хараҥа түүннээбиттэр эбит. (Ноо!) Түөрдуон түлүрбэх көтөр төргүүлээх, Борон куобах болбуоттаах 90 Бороной хараҥа түүннээн Боруорсубуттар эбит. (Ноо!) Көрүлүөс күргүөм санаалаахтар, Көрбүөччү харахтаахтар Күн сиригэр Көччүйэн үөскээтиннэр диэн, Күндү күлүмнэс сырдыктаан, Күнүстээбиттэр эбит. (Ноо!) Ол курдук Аҕыс иилээх-саҕалаах, 100 Атааннаах-мөҥүөннээх, Айгырдаах-силиктээх

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2