Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

Бу мантан убайдара хайыахтарай? Мантан бырааттарын сэмэлииллэр, сэмэлээн да хайыахтарай? Дэлби һаҥаран-һаҥаран бараннар, бу дой- дыга* хоноллор. 9 Сарсыҥҥытыгар икки улахан уол Чүчүүкээн* икки Үөлэччээн икки сүбэлэһэллэр: — Чэ, бэйэ, кэбиһиилээх от диэки* барыахха, кэбиһиилээх окко Чуучуйдааны* олордуохха, [кинини] онно олордон баран [барыахха]. Кыталыктар оччо’о киниэхэ кэлиэхтэрэ, — диэн буолар. — Онуоха [Чуучуйдаанна] этиэххэ. «Бу аны биирдэ оонньуохпутун, дьиэбитигэр кэлин*», — диэн эттин диэн [Чуучуйдаан үс кыыс-кыталыкка]. [Кы­ талыктар]: «[Убайдарыҥ] аны кэлиэхтэрэ», — [диэхтэрэ]. Ону биир- дэстэрэ*: «Наадалаах убайдарым суохтар», — диэн аҕаллын. 10 Онтон Чуучуйдаан кэбиһиилээх окко барар. Кэбиһиилээх окко һассыҥҥытыгар баран, онно олорор. Онно олорон баран, кыталыктар көтөн кэлбиттэригэр, кинини көрөннөр түспүттэригэр этэр: — Убайым аах букка баттара, билигин антах дьиэбэр ким да һуох. Мин онно оонньуом, онно бардыбыт диэ диэн*, — диир. 11 Онтон Чуучуйдаан дьиэтигэр кэлэр. Онтон кыталыктартан ол биир кыталык, сангаһа кыталык, кэлэр. Ол кэлбитигэр, дьиэҕэ киир- битигэр — ол Үөлэччээн саһа һытар эбит, ол саһа сытан — ол куор- сунун үрдүгэр түһэн, эмиэ куорсунун ылан кэбиһэр. Онтон ол кэр- гэннэһэн олорбуттара эбитэ үһү.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2