Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
7 Онтон убайдара букка баран хаалаллар. Онтон Чуучуйдаан хаал- тын гэннэ, саҥаһа ырыа ыллыыр: — Чуучуйдаан, нохо, Куорсуммун булан кулууй, Тоҕустуур чохуну Туһэрээхтээн биэриэм, — диир. Онуоха: — Тоҕус чохуну даа? — диир. Чуучуйдаан истибэт. Онуоха: «Сөбүлээбэтэ», — диэн, иккиһин илльыыр* саҥаһа: — Чуучуйдаан, нохо, Куорсуммун булан кулууй, Пэрчээкки үтүлүгү* Тикээһийдээн биэриэм, — диир. Онуоха Чуучуйдаан: — Ээ, бэй, бэччээкки үтүлүгү кэтэн баран, Бэйбэлийиэх бэҕэч- чэҕим* да суох, — диир. Онуоха: — Чуучуйдаан, нохо, Куорсуммун булан кулууй, Тынгырахтаах саарыны Тигитэлээн биэриэм, — диир. — Тыҥырахтаах саарыны кэтэн баран, куохалльыйыах* сотом да һуох. Онуоха саҥаһа: — Чуучуйдаан, нохо, Түүлээммин* булан кулууй, Оонньуургар, нохо, То 5 устуур чохуну Түһэрээхтээн биэриэм, — диир. — Тоҕус чохуну да? Оонньуурга да? Таваай* булан биэриэм, — диир. Мантан тоҕус чохуну билиги оонньообут солуурун иһигэр, ыаҕаһын иһигэр, саҥаһа түһэрэн биэрэр. Чохуннан күлэ-күлэ оон- ньообутунан барар. Уонна баары кистээбит куорсунун саҥаһыгар биэрэр. Савгаһа куорсунун ылар даҕаны, көтөн хаалар. 8 Кэлбиттэрэ убайдара — бырааттара Чуучуйдаан тоҕус чохуну кытта оонньуу һытар. Маары куорсуна һуох... саҥаһа баран хаалбыт.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2