Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
2Ити ыккардыгар кыыс туран, ас бэлэмнээн барда, эти кырбаан буЬарда. Тэлиэркэҕэ* хоторон аҕалан, оҕонньор иннигэр уурда. Оҕонньор: — Эн, кыысчаан, мин тэлиэркэбэр хас хамыйаҕы куттуҥ? —Мин хас хамыйаҕы куппуппун билбэппин. Өскө эн дьиэҕиттэн табаҕын хаста атыллатан кэлбиккин эттэргин, мин да этиэм этэ. Оҕонньор манна кыыһы: «Өйдөөх эбит», — дии саныыр. 3Сарсыныгар оҕонньор уолун, Эрбэхтэй Бэргэн диэн акаары уолун, аҕалан кэлэр уонна этэр: — Дьэ, кырдьаҕастар, биһиги, оҕолорбутун холбоон көрүөхпүтүн хайдах буолуой? — диир. Дьиэлээх кырдьаҕастар, кыыс ийэлээх аҕата, дуумайдаан баран, сөбүлэһэллэр уонна бэйэлэрэ ыраах урууларыгар көһөллөр. Оҕонньор, уол Эрбэхтэй Бэргэн, өйдөөх кыыс буоланнар өр олорбуттара үһү. 4 Арай биирдэ аҕалара оҕонньор, Эрбэхтэй Бэргэн буоланнар бул туу баран хаалаллар. Өйдөөх кыыс, уол кэргэнэ, эрэ дьиэҕэ хаалар. Оҕонньор үрэҕин таҥнары батан иһэн, төрүөҕүттэн ыла өстүһэр аҕатын ууһун дьоннорун көрсөр. Кинини сонно тутан, өкө тииккэ кэлгийэллэр, онтон таахаҥҥа* уот үттэрэллэр. Буруоҕа тумнаран, өлөрөргө сүбэлэһэллэр. Оҕонньор көрдөһөр: —Мин этэр тылбын истиҥ. Дьоннор сөбүлэһэллэр. Оҕонньор саҕалыыр: —Мин дьиэбэр биир уолааҕым* хаалбыта. Ол уолбар маннык тылла тиэрдиҥ: «Мин күүспүттэн эһинним, туораах буолан төкүнүйэ- бин, эдэр сэбирдэҕи кытта тустабын». Дьөрсө этиҥ, уолум мин тыл бын истээт, туе хоту икки хатыҥ чараҥ турара буолуо, ону төбөлөрүн быһа оҕустун, онтон тус арҕаа көрдүн, оччоҕо ахсаана биллибэт элбэх бэстээх бэс чагда баара буолуо, ону барытын төбөлөрүн бысталаатын уонна миэхэ аҕалтаатын; өскө уолум хайдах быһарын билбэтэҕинэ, тэллэҕим анныгар сытар маҥан таас көмөлөһүөҕэ; мин этэр тылбын кыайан дуумайдаабатаҕына, бэйэтин сыттыгын аннынааҕы сытыы быһыйа көмөлөһүөҕэ диэбитэ диэриҥ, — диир. Бухатыырдар сүбэлэһэллэр. Тойонноро: — Чэ, ити тыллары уолга тиэрдэ охсуҥ! — диэн икки бухатыыры ыытар.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2