Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
үөрэн утары барбыт. Атын туох да кэпсэтии суох буолбут, оҕоньньор тэйэ соҕустан да буоллар: —Дьэ, тукаам, аатым ким этэ? Умнан кэбистим, муҥар, били ойохторум баҕадьылар* эмиэ өйдөөбөтөхтөр, онон этэн абыраа, — диэбит. Анараа киһитэ: — Ээ, дьэ, этэринэн этиэм да, биир ойоххун, биир ынаххын биэрэр буоллаххына, этиэм, — диэбит. — Бээрэ, оттон бээһээ ылбатаҕын дуо? Ол маньньаҕа эттэҕиҥ дии, — диэбит. — Суох, бээһэ маньньаҥ оттон бээһээ этэн биэрбиппэр барар буоллаҕа дии. Оттон бүгүн ааккар наадыйар буоллаххына, саҥа мань- ньата аҕал, — диэбит. Оҕоньньор толкуйдуу түспүт: — Аата суох наһаа эрэйдэнииһибин, оттон биир ойохтоох, биир ынахтаах да киһи син олороо ини, — диэбит. Биир ынаҕын, биир ойоҕун биэрэн ыыппыт. Анараа киһи бараары туран: — Эн аатыҥ Тээп-Тээп, — диэбит. Оҕоньньор үөрүүтүгэр өрүтэ ыстаҥалаабыт. — Аата, аатым тугун үчүгэйэй! Сүрэҕим-быарым сымнаатаҕын, абыраннахпын даа! — диэн, үөрүүтүгэр күөлгэ сүүрэн киирэн, икки оҥочону сонно оҥоро охсон баран, «Сассыарда* дьиппинитиэм», — диэн: «Тээп-Тээп, Тээп-Тээп», — дии-дии, дьиэтигэр тахсан, үчүгэйдик аһаан-сиэн утуйбут. 5 Сассыарда уһуктаат, аатын ботутуруу сыппыт. Дьэ, аһаан-сиэн баран, күөлүгэр киирэн, бэгэһээ киэһэ оҥорбут оҥочолорун ууга ань- ньыталыах буолбута, «һуук!» диибин диэн, аатын умнан кэбиспит. Дьэ, ыксал бөҕө буолбут. Абаккатыгар: — Бу эһигини ууга аньньабын диэн, хаарыан ааппын умнан кэ- бистэҕим, — диэн, икки оҥочотун иккиэннэрин сүгэнэн хайыта сыньньан кэбиспит уонна ойоҕор сүүрэн тахсан: —Дьэ, ойоох, эмиэ ааппын умнан кэбистим. Бэһээ истибитиҥ дии, ким диэбитэй? — диэбит. Ону ойоҕо туран: — Эчии, эн ааттааххын эрэ суоллааххын. Ону мин билэбин дуо? — диэбит.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2