Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Арай күн дьааһыйыыта илин диэкиттэн биир аттаах киһи иһэр эбит. Айан киһитэ оҕоньньорго элийэн кэлэн: — Оҕоньньоор, бу тодо сытаҕын? — диэбит. Оҕоньньор хап-сабар ыстанан турбут. —Дьэ, тукаам, ааппын умнаммын, сор бөҕөнү көрдүм. Аһаабы- тым ас, олорбутум олох буолуо суох, онон, дьэ, ааппын туох маньньаҕа этиэҥ этэ? — диэбит. Айан киһитэ хап-сабар: — Биир ойоххор уонна биир ынаххар этиэм этэ, — диэбит. Оҕоньньор ыараҥната да барбатах. —Дьэ, бэрт, сөп. Икки ойохпунан, икки ынахпынан да хааллах- пына, олорор киһибин, — диэн. — Дьэ, ааппын эт, — диэбит. Айан киһитэ биир дьахтары, биир ынаҕы ылан баран: — Эн аатыҥ Тээп-Тээп диэн буолар, — диэбит. Оҕоньньор үөрүүтүгэр өрө хаһыыра түспүт. — Оо, дьэ, сүрэҕим-быарым сымнаатаҕын даа, абыраннахпын даа, ынахтаах ойоҕум улахана суох эбит, аатым улахан эбит, —диэн, — Баҕар, эмиэ умнан кэбиһиэм, — диэн, — «Тээп-Тээп», — дии сылдьы- быт. 3 Дьэ, арай эмиэ оҥочотун оҕорон бүтэрэн баран, ууга киллэрэн аньньаары, «һуук!» диэри, эмиэ аатын умнан кэбиспит. — Оо, дьэ, сор эбит, эмиэ ааппын умуннум, — диэн, өйдүү сатаа- быт да, кыайан өйдөөбөтөх, эмиэ сыт да сыт, тур да тур буолбут. Онтон ей ылан, ойохторугар сүүрэн тахсан: — Бээрэ, ааппын эмиэ умуннум, бээһээҥҥи* киһи ким диэтэ этэ? — диэбит. Ону буоллаҕына ойохторо: — Эчии, эн ааккын биһиги билэбит дуо? Ааттаах буоллаххына, билэ сылдьыан- ээ, — дэспиттэр. Оҕоньньордоро туран: — Эһиги күн бээһээ истибиккитин, сордоохтор, умнан кэбиһээх- тиигит, сордоохтор, ойох да буолаахтааҥҥыт, — диэн, үнтү сыньньы- талаан кэбиспит. Онтон тэптэрэн, баҕар, күөлбэр киирдэхпинэ, ей киирээрэй диэн, күөлүгэр киирэн сыппыт, турбут, туох да туһа тахсыбатах. 4 Оруобуна күн дьааһыйыыта илин диэкиттэн бээһээҥҥи киһи иһэр эбит. Оҕоньньор ыстанан туран, ааппын истэр буоллаҕым диэн,
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2