Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
дөҕүнэ — биир киһи олорор дьиэтэ эбит. Бэйэтэ буоллар буллугар баран хаалбыт, суох. Бу Чээрэкээн оҕонь/ньордо/ох айыы уолун аһыт- тан аһаатылар, уутуттан истилэр. Бу кэнниттэн, дьэ, оҕолорун сүбэ- лээтэ. Кыыс оҕотун этэр: — Мин: «Аллараа таҥхаһыт, танхалаа!» — диэтэхпинэ: «Ханнык айыы уолун гиэнэ буолуой? Чээрэкээн оҕонь/ньо/р гиэнэ буоллаҕа дии», — диэр. Иньньэ диэн баран, оҕотун көҥкөлөй анныгар аньньан кэбистэ. Онтон уол оҕотун: — «Үөһээ билгэһит билгэлээ!» — диэтэхпинэ: «Ханнык айыы уолун гиэнэ буолуой? Чээрэкээн оҕонь/ньо/р гиэнэ буоллаҕа дии!» — диэр, — диэн баран, уолун дьиэ үддүгэр таҕааран* көмөн кэбистэ. 10 Дьэ, онтон Чээрэкээн оҕ/оньньо/р куобах нэкэлэ сонун тиэрэ тардан кэтэн баран, тоҕус сиринэн бөрдүү курданан* баран, бэйэ бо- дотун тардынан, үҥэ диэки бастыҥ чаҕылахха олорон кэбистэ. Ман там чочум буолан баран, арай айыы уола көтөн түстэ. Ол киирэн баран көрдөҕүнэ: аһын буоллаҕына барытын аһаабыт, уутун буоллар бары тын испит эбит, маһын буоллар барытын оттон кэбиспит. Маны көрөн айыы уола кыыһыра санаан баран этэр: —Мин дьиэбин дьиэ гынан, мин уоппун уот гынан олорор бу кимий? — диэн. Онуоха оҕоньньор: — Һ.ээ , иирбит сах кэллиҥ дуу? Хаһаҥ дьиэлэммит дьиэҕиттэн көҥөстүҥ? Бэйэм дьиэм буолбат дуо?! — диэтэҕэ. Мантан сылтаан этистилэр. Оҕоньньор эттэ: —Мин дьиэм дуу, айыы уолун дьиэтэ дуу? Аллараа таҥхаһыт танхалаа эрэ! — диэн. Онуоха киһи саҥата көҥнөйгө: — Ханнык айыы уолун гиэнэ буолуой? Чээрэкээн оҕоньньор гиэнэ буоллаҕа дии! — диэтэ. — Аны, чээ эрэ! Мин дьиэм дуу, айыы уолун дьиэтэ дуу? Үөһээ билгэһит билгэлээ эрэ! — диэтэ оҕ/оньньо/р. Онуоха үүһэ киһи саҥата эттэ: — Ханнык айыы уолун гиэнэ буолуой? Чээрэкээн оҕонь/ньо/р гиэнэ буоллаҕа дии! — диэн. Оҕонь/ньо/р онуоха биир хардаҕаһы ылан баран: — Ыл иһит, ыл иһит! — дии-дии сири тилэхтиэтэ.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2