Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

Онтон дьиэлээхтэр этэллэр: — Чэ, оҕоньньор, биэриэхпит, ол курдук өллөҕүнэ! Оҕоҕун кил- лэр! — диэн. Оҕонь/ньо/р тахсан, оҕотун киллэрэн оһох арҕаатыгар олордон кэбистэ. Дьиэлээхтэр этэллэр: —Оҕоньньор, оҕоҕун уот иннигэр аҕал да! — диэн. Оҕоньньор: — Оо! Оҕом уоту сүбүлүөбэт! — диир. Ыаллар: — Оҕоҕун аһат! — диэн ас биэрдилэр. Ону ылан баран, оҕотугар баран: — Тоойуом, аһыаҥ дуо? — диэн баран, «ыык» диэн баран, бэйэтэ сиэн кэбистэ. 8 Дьэ, онтон утуйдулар. Бу утуйа сытан, киһи түлүк уута бадахтаах, оҕонь/ньо/р аргыый аҕай туран оҕотун иһин хайа бат<т>аата, оҕотун иһин ынахтар муостарыгар эрийдэ, холун-буутун ыттар икки арды- ларыгар бырахта. Онтон ыттар быаларын быһыта баттаата, ынахтар быаларын быһыта бат<т>аата, онтон түргэнник кэлэн оронугар сы­ тан хаалла. Дьэ ынахтар харсан, ыттар өлөрсөн соҕотохто айдаан буолла. Маныаха дьиэлээхтэр ойон турдулар. Туран көрөн баран: —Айакабыын! Альльархай, оҕолоор! Оҕоньньор оҕотун ыт сиэбит, ынах кэйбит! — диэтилэр. Онуоха оҕонь/ньо/р соһуйан туран олоро түстэ: —Уолуйдаҕым үһү! Оҕонь/ньо/р оҕотун ыт сиэбит, ынах кэйбит диигит дуу?! Уон биэс-алта саастаах уоллаах кыыс оҕоттон түһэрин эрэ түһүөм суоҕа! — дии-дии ытаата. Онуоха дьиэлээхтэр: — Эйиэхэ ким икки оҕону биэриэй? Биир оҕону биэриэхпит буоллаҕа дии! — дэстилэр. —Оччоҕо мин эһэ-бөрө ыттарбын ыҥыртыам! — диэн баран, тахса сүүрдэ. Күрүөҕэ ытта сүүрэн баран: — Сэкэтэй сиэк! Мохотой муох! — диэтэ. Дьиэлээхтэр куттананнар, бу кыыл сүгүннүө суох диэннэр: —Оҕонь<нь>ор, ыҥырыма, оҕону биэриэхпит! — диэтилэр. Онтон уоллаах кыыс оҕону таһардьа аньньан биэрдилэр. 9 Оҕонь/ньо/р оҕолорун иннигэр уктан баран, бара турда. Баран иһэн биир айыы уолун дьиэтигэр тийдэ. Дьиэҕэ киирдэ. Киирэн кор-

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2