Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Оҕ/оньньо/р ылынар. Дьэ киирэн утуйар. Сарсыарда турар. Оҕ/оньньо/рго ынахтарын биэрэллэр. О/ҕоньньо/р ынаҕын сиэтэн баран барар. 4 Оҕоньньор биир ыалга тийэр. Ынаҕын таһардьа баайан баран, дьиэҕэ киирэр. Дьиэлээхтэр оҕонь/ньо/ру хоноһо быһыытынан күн- нүлүүллэр-маанылыыллар. Ыаллар киирэ-тахса сыльльаннар этэллэр: — Оҕоньньоор, ынахтаах эбиккин ди. Ынаҕыҥ тоҥуоҕа, хотоҥҥо киллэттэр! — диэн. Онуоха оҕоньньор: — Кэбис, ыккыт ытырыык, ынахкыт кэйиик буолуо! — диир. Дьиэлээхтэр: — Кэбис, оҕоньньор! Ынаҕыҥ тоҥон хаалыа; ыппытын, ынахпы- тын үчүгэйдик баайыахпыт! — дииллэр. — Дьэ, ынахпын ынах кэйдэҕинэ, ыт ытырдаҕына, икки буос ынахтан түһэрин эрэ түһүөм суоҕа! — диэтэ оҕ/оньньо/р. Дьиэлээхтэр этэллэр: — Бу хайа үлүгэрий! Чэ, киллэр, өллөҕүнэ төлүөхпүт! — диэн. — Чэ, киллэриҥ! — диир. Дьиэлээхтэр киллэрэн кэбиһэллэр. 5 Дьэ, бары утуйаллар. Киһи түлүк уута батахтаах оҕонь/ньо/р тура эккириир, хотон иһигэр түһэр. Ынаҕын иһин хайа баттыыр: ынах иһин ынахтар муостарыгар эрийэр, сүрэҕин-быарын ыттар икки ар- дыларыгар быраҕар, угуонна* ынахтар быаларын быһыта баттыыр, ыттар быаларын быһыта баттыыр, түргэнинэн сүүрэн тахсан орону- гар сытан хаалар. Мантан дьэ соҕотохто айдаан буолар: ынахтар хас- саллар, ыттар өлөссөллөр. Оо! Дьэ, онуоха дьиэлээхтэр өмүттэн уһук- тан кэлэллэр. Кэлэн көрөннөр: — Тыый! Оҕ/оньньо/р ынаҕын ынах кэйбит, ыт сиэбит! — дэһэл- лэр. Оҕоньньор онуоха уолуйан уһуктар: —Уолуйдаҕым үһү! Оҕ/оньньо/р ынаҕын ынах кэйбит, ыт сиэбит диигит дуу?! Икки буос ынахтан түһэрин эрэ түһүөм суоҕа! — дии-дии олорон эрэн ытыыр. Онуоха дьиэлээхтэр этэллэр: — Оҕоньньоор, эйиэхэ ким икки ынаҕы биэриэй? Биир буос ына- ҕы биэриэхпит буоллаҕа дии!
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2