Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Баран биир ыалга тийэр. Тийэн баран, оҕ/оньньо/р аһын таһыр- дьа түһэрэн кэбиһэр. Оҕ/оньньо/р хоноһо* быһыытынан дьиэҕэ кии рэн олорор. Оҕоньньору күннүлүүллэр*-маанылыыллар. Онтон дьиэ- лээхтэр киирэ-тахса сыдьдьаннар оҕо/ньньо/р аһын көрөллөр. Кии- рэннэр о/ҕоньньо/рго этэллэр: — Оҕо/ньньо/р, астаах эбиккин дии, киллэрэн күөстэт! — диэн. Онуоха оҕоньньор этэр: — Ии! Кэбис, салыыргыт уоруйах буолуо, киллэрбэппин! — диир. Дьиэлээхтэр дьэ этэллэр: —Тыый, оҕонь/ньоо/р, салыыр уоруйаҕа диэн билбэппит, хата киллэрэн күөстээт! — диэтэхтэрэ. Онуоха оҕоньньор: — Салыыргыт эрэ уордаҕына, биир буос ынахтан түһэрин эрэ түһүөм суоҕа! — диир. — Ээ, сөп, чэ, уордаҕына биэриэхпит! — дэһэллэр дьиэлээхтэр. Оҕоньньор тахсан, сылгытын мэйиитин көтөгөн киирдэ*. Ол киллэрэн биир алгыйга күөстээтэ. Оҕоньньор күөстээн баран, утуйан хаалла. Күөс баһыгыраан туран оргуйда. Арай, дьиэлээхтэр оҕонь- ньордорун аһын көртөрө — кур сылгы мэйиитин уҥуоҕа, кайыаҥай* былыргы үйэҕэ кубарыйа кууран хаалбыт. Дьиэлээхтэр: — Айакабыын! Оҕ/оньньо/р аһын салыыр уорбут! — дэһэллэр. Онуоха оҕоньньор: —Уолуйдаҕым үһү! Туох дэһэҕит? Оҕоньньор аһын салыыр уор бут дэһэҕит дуу?! Биир буос ынахтан түһэрин эрэ түһүөм суоҕа! — дии-дии ытыыр. Онуоха дьиэлээхтэр этэллэр: — Эйиэхэ ким буос ынаҕы төлүөҕэй? Аскын аһынан төлүөхпүт! — диэн. Оҕоньньор: —Оччоҕо мин эһэ-бөрө ыттарбын ыҥыртыам! — диэн баран, тахса сүүрэр. Тахса сүүрэн баран күрүө үрдүгэр ыттар: — Сэкэтэй сиэк, мокотой муок! — диир. Онуоха дьиэлээхтэр этэллэр: — Оҕоньньоор, аартыыбыт! Ыттаргын ыҥырыма, ынаххын биэ риэхпит! — диэн.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2