Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

Мэнигийээн истибэтэ, тура эккириэтэ дэ — күөстэрин үрдүнэн ииктээн күүгүнэттэ. Үөһэттэн күөстээх эттэригэр уу чорулаабытыгар аллараа олорор дьон эттилэр: — Оо-о, үтүө аххан мае ээ-э!.. Көр, ити уот сылааһыттан арыыта- сыата ирэн чорулаата ээ-э, бадага... Хае да киһи ытыстарын тоһуйан ылан, амсайан көрдүлэр. — Арыы-сыа буолбатах, уута эбит, — дэстилэр. 18 Сотору соҕус буолан баран Мэнигийээн эттэ: — Саагым кэллэ, саагым кэллэ. —Дьэ сибилигин сиэтээри гынна ээ-э, көстүбэт! Тохтоо!!! — диэ- тилэр убайдара. Мэнигийээн истибэтэ, саахтаан быллыгыратта. Саага аллараа* дьон күөстээх эттэригэр күл-бал түстэ. — Бай! Маспыт сыата ирэн бысталанан түһэр дуу? — дэстилэр аллараа дьон. Уонна ылан амсайан көрөн баран: — Ээ-э, тунаага эбит, тунаага эбит, — дэстилэр. 19 — Илиим үлүйдэ, илиим үлүйдэ! Иннэликпин мүччү тутарбар тиийдим! — диэтэ Мэнигийээн. — Сордоох! Дьэ сиэтэ<э>ри гыннын- ээ-э, бадага! Тохтоо-о!!! — дэстилэр убайдара, имнэнэн дьөлүтэ аньньа-аньньа. Мэнигийээн иннэлигин мүлчү тутан кэбистэ. Иннэлик кыҥы- раан-чаҥыраан, хобото-чуораана чуҥкунаан, аллара мутуктан мутук- ка түһэ-түһэ, түһэ турда. 20 Аллараа Сабыйа Баай Тойон сэриилэрэ: — Альлахай*! Альлахай! Абааһы кыыһа үөһэттэн түһэн иһэр! Альлахай! Альлахай!!! — дэһэ-дэһэ туран, таҥнар да куолу суох, сэп- сэбиргэл дэ ылар куолу суох, ат дэ миинэр куолу суох, аргаа диэки атах балай сыысса турдулар. Мэнигийээн тиититтэн түһэ эккирээтэ. Сыссан эрэр дьону экки- рэ<тэ>н барда. Ситэ-ситэ, батыйанан бастарын быһыталаан истэ. Куотан иһэр дьон, кэннилэригэр киһи өлөр хаһыыта-ыһыыта иһилин- нэгинэ: «Абааһы кыыһа ситэн кэнники дьоннору сиэтэлээн эрдэ- гэ!» — дии-диилэр, кэннилэрин диэки хайыспакка, дьөксө күүскэ сүүрэн истилэр. Мэнигийээн ситэ-ситэ, барыларын бастарын быһыта- лаан, өлөртөөн кэбистэ. 21 Убайдарыгар төннөн кэллэ. — Түһүҥ! Тугу гына олороҕут?! Түһүҥ! Бараммыт Сабыйа Баай Тойон үбүн-аһын ылан, байан-тайан олоруогуй*! Дьиэбитигэр барыа- гый! — диэтэ Мэнигийээн.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2