Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

15 Икки улаххан уол бултуу бардылар. Мэнигийээн дьиэгэ ас ас- тааччынан, дьиэ дьиэлээччинэн хаалла. Күнүс уҥа ыалын, Сабыйа Баай Тойон, үс сыл тохору байтаһыр- быт биэтин тутан аҕалла. Дьиэтигэр биэтин соһон киллэрэн, баайан кэбистэ. Киэһэ боруорга убайдара кэллилэр. —Тугу бултаан эрэйдэнэгит?! Ас-үөл бу баар! — диэтэ дэ, Мэни­ гийээн биэ иһин быһагынан хайа тардан кэбистэ. Убайдара куттал бөҕөнү куттаннылар. — Сабыйа Баай Тойон сэриитэ биһигини киһи оҥорботтор, өлөрөн-өһөрөн кэбиһиэхтэрэ. Онон арай атах-балай барыахха, куо- туохха, — дэстилэр уонна тэринэн, үтэлэнэн, сэп-сэбиргэл ылан ба­ раннар, тахсан бардылар. Мэнигийээн убайдарыттан* хаалыан баҕарбата, тахсан эмиэ ба- тыһан истэ. — Киэр буол! Батыһыма! Сүгүн сылдьыаҥ суоҕа. Хаал! — диэтилэр убайдара. Мэнигийээн истибэтэ, батыста. Бу түүнү быһа сырыстылар, нөҥүө күнү быһа сырыстылар. Ханна да аһаабатылар. Куттаналлара олус. Киэһэ хараҥа буолан кэллэ. Биир сүрдээх хойуу мутуктаах, сүрдээх үрдүк харыйага тиийдилэр. — Бу тииткэ тахсан мутугар саһан хонуохха сөп. Сэниэ-сээбис эһиннэ, сыньньаныахха! — дэстилэр. Тиит төбөтүгэр ытыннылар. Мутук иһигэр хорголонон олорду- лар. 16 Сабыйа Баай Тойон сэриитэ кинилэр суолларын суоллаан, экки- рэтэн истилэр. Хорголонон олорор харыйаларын төрдүгэр тиийэн кэл­ лилэр. Онно суолларын сүтэрэн кэбистилэр. — Хараҥа буолла. Суолбут сүттэ. Бу тиит төрдүгэр хонуогуҥ! Сас- сын сырдаатагына, эккирэтиэхпит, — диэн баран, эккирэтэн иһэр дьон хонор тэрэмтэлэрин* тэриммитинэн бардылар. Уот оттон, уу баһан, эт буһаран кэбистилэр. Бэйэлэрэ харыйа төрдүгэр ону-маны кэпсэтэ* олордулар. 17 Уот диэкиттэн эттэрэ нэк бэргэһэ буолан эрдэгинэ, Мэниги­ йээн: — Ииҕим кэллэ, ииҕим кэллэ, — дии-дии буллутунайда. — Оо-о... кыайар! Сибилигин баарбытын биллэрэн сиэтээри гын- нагыиг! Тоҕо урут оҥостон тахсыбатаҥыный, көстүбэт уола?! — диэти­ лэр убайдара.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2