Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Убайдара мөҥө-мөҥө, бэйэлэрэ умуһах хаһаннар, ийэлэрин кис- тээбиттэр. 10 Дьиэлэригэр кэлэннэр хоммуттар. Сассыарда бултуу бараллары- гар убайдара Мэнигийээҥҥэ эппиттэр: — Ийэбитин өлөрөн кэбистиҥ, онон дьиэ маныыр, ас астыыр киһи суох буолла. Эн аны дьиэгэр олор, аста астаа, дьиэгин манаа! Аны бултаама! — диэтилэр убайдара уонна бэйэлэрэ бултуу барды- лар. Мэнигийээн дьиэгэ хаалла. Күнүс тахсан, хаҥас диэки олорор үс абааһы кыыһа ыалларыгар тиийэн, дьиэни таһынан үс сыл уойбут кур огустаахтарын уоран аҕалан, дьиэтигэр киллэрэн баайан кэбистэ. Киэһэ боруорга убайдара таһыттан киирдилэр. Киирэн истэхтэ- ринэ Мэнигийээн тура эккирээтэ дэ эттэ: — Тугу бултаан эрэйдэнэгит? Эт-сыа, ас бу баар, маны сиэгиҥ! Иньньэ диэт, быһагынан оҕус иһин хайа тардан кэбистэ. Оҕус өлөн хаалла. —Альльахайы да! Бу күтүр өстөөх аны үс аҕас-балыс абааһы кыыһа баҕайылар оҕустарын аҕалан өлөрбүт дуу? Чэ, олорбуппут сыыччах, ол баҕайылар кэлэннэр сиэх-аһыах бэйэккэлэрэ буоллага! — дэстилэр убайдара. Бу тү<ү>н хоммуттар. Кутталларыгар тугу да аһаабатахтар. Утуй- батахтар даганы. 11 Сассыарда халлаан сырдыыта үс абааһы кыыһа оҕустарын суол- лаан кэлбиттэр. — Бу акаарылар! Көссүө киһи Көдөкө, Сэһэн киһи Сэрбэкэ, Мэ ник киһи Мэнигийээн биһи дьон оҕуспутун уоран-талаан сиэри аҕалан өлөрө сытыарагыт дуу? Дьэ, хата, биһи бэйэгитин сиэхпит. Иньньэ диэн баран, үс абааһы кыыһа үс ини-биини үс аҥы кы- бынан баран, дьиэлэригэр иттилэр. Ирдьэн* түннүгэ-үөлэһэ суох ам- паарга түһэрэн кэбистилэр. Абааһы кыргыттара аһаан сиэн бараннар, иккитэ бултуу бааттар, биирдэстэрэ хаалбыт. — Киэһэ сылайан-элэйэн кэлиэхпит, онон үчүтэйдик тото-хана аһаатахха сөп! Көссүө киһи Көдөкөнү буһаран астаан уура<а>р! — диэн баран, аҕастара баран хааллылар. 12 Күн оттотун сагына дьиэгэ хаалбыт балыстара, ампаарын аанын аһан баран, илиитин уган туран эппит: — Көссүө киһи Көдөкө, кэл эрэ бэттэх! Кэл эрэ бэттэх!
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2